Киһи ис туруга чөл, бэйэтигэр кыахтаах буоллаҕына, сааһырыыга бэриммэт. Ол да иһин кэлиҥҥи сылларга хамсанар, физкултууранан дьарыктанар, хаалыктаах хаамар буолан, бэйэтин сааһыттан эдэрчи көрүҥнээх киһи ахсаана элбээтэ.
Биир оннук холобурга сылдьар киһинэн 64 саастаах Дьокуускай олохтооҕо Антонина Миронова буолар. Кини 59 сааһыгар Чурапчытааҕы успуорт уонна физкултуура судаарыстыбаннай институтугар туттарсан киирэн, 63 сааһыгар кыһыл дьупулуомунан бүтэрбит. Доруобуйаны чэбдигирдэр исписэлиис, биллэн турар, санаата да, итинник кыаҕы, эрчими эрэйэр үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбэтэҕэ чахчы. Онон сэһэргэһээччибин кытта кэпсэтиибитин бу тиэмэттэн саҕалаатыбыт.
Сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕаламмыта
— Антонина Анатольевна, эти-хааны эрчийэр физкултуураҕа хайдах сыстыбыккыный?
— 2013-2014 сылларга киин куорат болуоссаттарыгар сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр, эрчиллиилэр саҕаламмыттара. Мин онно сылдьыахпын наһаа баҕарар этим эрээри, үс сыл буолан баран эрэ «Юность» стадиоҥҥа тиийэн Василий Самсонов ыытар дьарыгар түбэспитим. Ол сыл сайынын быһа «ушунан» дьарыктаммытым. Күһүн тириэньэрбэр анал сиэксийэҕэ суруттарбытым. ХИФУ КФЕН-ын спортивнай саалатыгар дьарыктанар этибит. Кэлин Светлана Кобяковаҕа, Аркадий Прокопьевка дьарыктаммытым. Кинилэр миигин «цигун» диэн доруобуйаны чэбдигирдэр кытай норуотун былыргы дьарыгар сыһыарбыттара. Бу дьарык тыыныыга, хамсаныыга, өй-санаа да өттүнэн киһи этигэр-хааныгар олус улахан дьайыылаах.
Ыччаты кытта үөрэнии уустуга суох
— Туох идэлээххиний, үөрэхтээххиний? 59 сааска үөрэххэ киириэх диэтэххэ, үгүс киһиэхэ, нууччалыы эттэххэ, «комплекс» баар буолуох курдук дии. Эйиэхэ оннук санаа суоҕа дуо?
— Мин художественнай училищены 1976 сыллаахха бүтэрбитим. Физкултуурунай институкка киирэрбэр, кырдьык, бастаан утаа кыбыстар курдук этим. Онтон «туох да куһаҕаны оҥорботоҕум, тугун эмиэ кыбыһыннахпыный?» диэн санаа киирбитэ. Онтон ыла кыһаллыбат буолбутум.
— Үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр туһунан санаа хайдах киирбитэй?
— Ол туспа төрүөттээх. Кэлиҥҥи «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга волонтерунан үлэлээбитим. Онно Чурапчы институтун киһини чөлүгэр түһэрии мэдиссиинэтин (восстановительная медицина) преподавателэ Эдуард Федоровтыын үлэлиир кэбиниэппит кэккэлэһэ турар буолан, өрүү кэпсэтэр, санаабытын атастаһар этибит. Онно кини миигин «булгуччу үөрэн» диэн тылыгар киллэрбитэ. Ол кэмҥэ Чурапчы институтугар докумуоннары тутуу үгэнэ буола турара. Мин докумуоммун биэрэн, эксээмэн туттаран, киирэн хаалбытым. Инньэ гынан, 59 сааспар устудьуон аатын ылбытым. Уопсайга түөрт сыл олорон үөрэнним. Былырыын сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, тэйиччиттэн олорон көмүскээн, үөрэхпин кыһыл дьупулуомунан түмүктээбитим.
— Аныгы ыччаты кытта үөрэнэр төһө уустугуй? Эбэтэр «устудьуон» диэн өйдөбүл сааска бэриммэт дуу?
— Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Кырдьаҕас дуу, саастаах дуу курдук сананыма да, бүттэҕэ дии. Киһи дууһата сааһырбат, тас көрүҥүҥ, көстүҥ эрэ кырдьар. Ыччаты кытта үөрэнэр туох да уустуга суох. Кинилэр эйгэлэригэр сылдьар киһи оннук кыһалҕата суох буолар. Кыраны уустугурдубаккын, толкуйуҥ кэҥиир, сайдар.
Дьон махтала – үрдүк наҕараада
— Институкка үөрэнэн, туох идэни баһылаабыккыный?
— Доруобуйаны тупсарар физическэй култуура технологията (физкультурно-оздоровительная технология) диэн идэҕэ киирбитим эрээри, бу идэҕэ соҕотох буоламмын, үөрэппэтэхтэрэ. Институт дириэктэрэ Иннокентий Готовцев ыытан былырыын Санкт-Петербурга П.Ф. Лесгафт аатынан физическэй култуура, успуорт уонна доруобуйа Национальнай судаарыстыбаннай университетыгар икки ый үөрэнэн кэлбитим. Инньэ гынан, үөрэхпин дьупулуомнаах уонна дойду киин куоратын үрдүк үөрэҕин кыһатыттан анал дастабырыанньалаах бүтэрбитим.
— Быйыл сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн эмиэ хааччах киирдэ дии. Бу маннык кэмҥэ эн, анал идэлээх исписэлиис, тугунан дьарыктанаҕын?
— Доруобуйаларын бөҕөргөтүөн уонна чэбдигирдиэн баҕалаах дьону түмэн икки анал бөлөҕү тэрийбитим. Өрөбүллэргэ дьарыктыыбын.
— Дьарыгыҥ ис хоһоонун арыйыаҥ буолаарай?
— Бастатан туран, дьарыктыыр дьонум доруобуйаларын туругун үөрэтэбин. Ол эбэтэр, бастакы дьарыкка тест толорторобун, ыйааһынныыбын, эт-хаан кыаҕын чинчийэбин. Дьарык кэнниттэн эттэрин-хааннарын эрчийэн, төһө туһаммыттарыгар түмүк оҥоробун. Онно хаан баттааһынын, сүрэх тэбиитин кэтээн көрөбүн. Дьарык кэнниттэн дьон махтала – миэхэ саамай үрдүк наҕараада. Ол курдук, илиилэрэ кыайан хамсаабат дьон «хамсанар буоллум» дииллэр, хааннарын баттааһына, сүрэхтэрин тэбиитэ биллэ тупсар.
Хамсаныы уонна тыыныы – доруобуйа чөл туруга
— Антонина Анатольевна, үгүс дьон быйыл иккис сылларын онно-манна кэлбэккэ-барбакка, хамсаабакка олорон, доруобуйаларыгар биллэ оҕустардылар. Онуоха эн сүбэҥ?
— Хамсаабат буолуу — доруобуйаҕа олус оҕустарыылаах. «Ушу», «цигун», «тайцзи-цюань», хаамыы курдук көрүҥнэр – киһи ыраата барбакка, дьиэтигэр да, тиэргэнигэр да оҥоруон сөптөөх дьарыктара. Онон сылдьан эрэ хамсана сатааҥ.
— Тыыннаах холобур быһыытынан, бэйэҥ саастыылаахтаргар сүбэҥ.
— Мин ааспыт сайын анаан туттарсан, аны ХИФУ мэдиссиинискэй институтун «уопсастыбаннай доруобуйа харыстабыла» (общественное здравоохранение) диэн салаатыгар магистратураҕа үөрэнэ киирбитим. Онон аны мединститут 1-кы кууруһун устудьуонабын. Билиибин хаҥаттан, аны эмчит быһыытынан дьоҥҥо туһалыам.
Уопсайынан, киһиэхэ саамай наадалаах ас да, уу да буолбакка, тыыныы буолар. Сатаан тыына үөрэниэххэ наада. Өскө эн этиҥ-сииниҥ килиэккэтэ толору уулаах, салгыннаах буоллаҕына, эн доруобуйаҕар туох да куттал суоһаабат. Дьарыгы тохтообокко, өрүү оҥоруохха наада. Сорох дьон төһөнөн күүскэ дьарыктанаҕын да, оччонон туһанаҕын дии саныыллар. Дьарыктанан баран, хайаан да сынньаныахха наада. Оччоҕуна эрэ эккэр-хааҥҥар дьарыгыҥ иҥиэҕэ.
Мин «Саха сирэ» хаһыат ааҕааччыларыгар сүбэлиэм этэ – хайаан да икки сылга биирдэ диспансеризацияны барыахха наада. Онно этиҥ-сииниҥ, доруобуйаҥ туруга көстөн кэлэр. Доруобуйаны тупсарар туһугар салгыҥҥа элбэхтэ сылдьыҥ, сүүрүҥ, дьарыктаныҥ. Биэс мүнүүтэттэн саҕалаан бытааннык сүүрүҥ. Онтон күн аайы кыратык эбэн иһиҥ. Мин Дьокуускайга дьарыктыырым таһынан, Ленин проспега 43/1 аадырыска массаастыыр кэбиниэт эмиэ арыйбытым. Ким баҕалаах миэхэ суруттаран дьарыктаныаххытын сөп.
… Ити курдук, Чэбдигирии сылыгар үгүс киһи бэйэтигэр сыал-сорук туруорунан уопуттаах, анал үөрэхтээх тириэньэргэ дьарыктаныан сөп. Оттон 59 сааһыгар устудьуон, 64 сааһыгар магистрант буолбут Антонина Миронова биһиэхэ барыбытыгар холобур буоларын ааһан, өссө бэйэтинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр соруктаах.
Елена Потоцкая.