620 тыһыынча киһиттэн биирдэстэрэ…

11.03.2019
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа Сергей Софронов эмчит идэтин аармыйаҕа сылдьан ылбыта. 1986-88 сылларга Афганистаҥҥа санитарнай инструкторынан сулууспалаабыта.

Сергей Иванович, бастатан туран, Майаҕа ыытыллыбыт афган-буойуннар көрсүһүүлэрин тэрийээччилэргэ улаханнык махтанарын биллэрдэ. Бу көрсүһүү чэрчитинэн астаапкаҕа сылдьар полковник, Афганистаҥҥа хамандыырынан сулууспалаабыт Усементай Алексеев кинигэтин сүрэхтэниитэ буолбут.

— Биһиги бүтэһигин уон сыл анараа өттүгэр Дьокуускайга көрсүбүппүт. Онон быйылгы көрсүһүүнү кэрэ-бэлиэ түгэнинэн сыаналыыбын, — диэтэ Сергей Иванович. – Тоҕо диэтэххэ, быйыл Усементай Николаевич “Афганистан – сахалар дьылҕаларыгар” диэн сахалыы уонна нууччалыы тылынан тахсыбыт иккис кинигэтэ күн сирин көрдө. Кинигэҕэ Саха сиригэр олорор афган-буойуннар ахтыылара киирбиттэр, — диэн кэпсии олордо Сергей Софронов.

Биһиги саҥа кинигэни ары­йан көрөбүт. Сэһэргэһээччим бэйэтин уонна оччотооҕу сэрии туһунан хаһан кэпсиирин тулуйбакка күүтэбин. Ол гынан баран, Сергей Иванович бэйэтин туһунан олох кэмчитик кэпсиир. Бу тиэмэ олус уустук, киһи дууһатын таарыйар, онон ыксаппаппын. Кини дьиҥэр бэ­­йэтин бойобуой доҕорун кинигэтин туһунан кэпсиир соруктааҕын өйдөөтүм.

Бу мин доҕорум Борис Алексеев ахтыыта, – саҕалыыр Софронов. – Кини Намнааҕы ПТУ-га үөрэнэ сылдьан Афганистаҥҥа ыҥырыллыбыта. Оттон бу Дмитрий Алексеев, Артур Аникин… ахтыылара. Кинигэ сүүс эрэ ах­­саанынан таҕыста. Мин Усементай Николаевичка кинигэ суруйарга ылсыбытыгар олус махтанабын. Кинигэ Афганистан сэриитин кыттыылаахтарыгар эрэ буолбакка, ыччакка туһалаах. Билигин үгүс ыччат бу кэм туһунан тугу да билбэт…

СААМАЙ КУТТАЛЛААҔА – “ЗЕЛЕНКА”

Мин Афганистаҥҥа санинструктордаабытым. Хас биирдии ротаҕа санинструктордар сыһыарыллан, таһаҕас тиэйэр автоколонналары арыаллыыллара. Икки рота оттук-оҕунуох матыры­йаалын, үс рота снарядтары, саа сэбин-сэбиргэлин, аһы-үөлү тиэ­йэллэрэ. Бииртэн-биир массыына субуһан, колоннанан айанныырбыт, суол кыйа кишлактар бааллара. Биллэн турар, олус тыҥааһыннаахтык олороҕун, ханна баҕарар тоһуур баар буолуон, ытыа­лааһыҥҥа түбэһиэххин сөбө. Саамай кутталлаах зона – улахан куораттары тулалыыр “зеленка”, кумах куйаар оазистара этэ. Кандагар “зеленкатын” туһунан истибиккит буолуо. Биэс ротаны мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйыы булгуччулаах этэ. Санинструктордар үлэлэрэ эппиэтинэстээҕэ, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бастакы медицинскэй көмөнү оҥорорбут уонна чугастааҕы санитарнай чаастарга ыытарбыт…

АФГАНИСТАН КЭННИТТЭН

Сергей Софронов Афганис­тантан сулууспалаан кэлэн баран, Саха судаарыстыбаннай университетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Бу үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа санитарынан, онтон үһүс куурустан медбратынан үлэлээбитэ. Оччолорго эмиэ устудьуоннуур Семен Тордуинныын ыарахантан саҕалыырга быһаарынан, реанимация отделениетыгар үлэлээбиттэрэ. Онтон төрдүс куурустан эпэрээссийэ блогар медбраттыы барбыттара.
Бэйэм биир идэлээхтэрбин Виктор Веревкины, Георгий Цыпандины олус убаастыыбын. Биһиги кинилэртэн үлэлииргэ үөрэммиппит, — диир травматолог Сергей Софронов. – Уопсайынан, биһиги отделениебыт биир ураты өрүтүнэн эдэр исписэлиистэргэ аҕалыы үтүө сыһыан олохсуйбута буолар. Аҕа көлүөнэ эдэр ыччат идэлэрин баһылыылларыгар тылынан уонна дьиҥ дьыаланан көмөлөһөр.

ЭЙЭЛЭЭХ ОЛОХ ЭМЧИТЭ

Сергей Иванович сэбиэскэй буойуннар Афганистантан тахсыбыттара 30 сылын, Майаҕа афганец-буойуннар көрсүһүүлэрин, Усементай Алексеев тустарынан өрөспүүбүлүкэ сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ киэҥник суруйбатахтара хомолтолооҕун туһунан этэр. Олунньу 15 күнүгэр байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр (ол иһигэр, афганец-буойуннарга) өйдөбүнньүк үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Сергей Софронов, үгэс курдук, доҕотторун кытары 1985 сыллаахха сэтинньигэ Зарденскай хочоҕо байыаннай операцияны ыытыы кэмигэр өлбүт Владимир Калашников бюһугар муһуннулар, онтон “Саха” НКИХ биэриитигэр кытыннылар.
Мин 1989 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр 40-с аармыйаны салайбыт генерал-лейтенант Борис Громов этиитин хайдах курдук долгуйан истибиппитин өйдүүбүн.
“Бу тоҕус сыл тухары сэриилэспит биһиги саллааттарбытыгар өйдөбүнньүктэри туруоруохха наада”, — диэн оччолорго хамандыыр Амударья өрүһү туоруур муостаҕа туран эппитэ. Дьиҥэр, афганец-буойуннар 90-с “дохсун” сыллары олус ыараханнык аһарбыттара, ким эрэ үлэ булбакка эрэйдэммитэ, ким эрэ сэ­­риигэ ылбыт бааһыттан өлбүтэ, ким эрэ бүдүрүйбүтэ…

Афганистантан Сэбиэскэй аармыйа буойуннарын таһаарыы 30 сылын көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа афганец-­буойун, травматолог-быраас Сергей Софроновы эҕэрдэлээтилэр.

“Аан дойдуга эйэлээх олоҕу харыстыырга кылааккын киллэрэр сулууспаҥ иһин махтанабыт!” – диэн кылаабынай быраас уонна балыыһа профкомун бэрэссэдээтэлэ илии баттааһыннаах Махтал сурукка этилиннэ.

Афганистан сиригэр-уотугар байыаннай дьайыыларга 620 тыһыынча сэбиэскэй саллаат уонна эписиэр кыттыбыта, кинилэртэн 15 тыһыынчата өлбүтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ба­­йыаннай комиссариатын чахчыларынан, бу сэриигэ Саха сирин 874 олохтооҕо кыттыбыта (24 киһи бааһырбыта, 14 киһи инбэлиит буолбута, 10 эдэркээн уол “200 таһаҕаһынан” төннүбүтэ.

Афганистан сэриитэ – биһиги историябыт биир алдьархай­даах кэмэ, бу сэриигэ сэбиэскэй буойуннар киһи бастыҥтан-бастыҥ хаачыстыбаларын: хорсун быһыыны, туруоруммут соруктарыттан халбаҥнаабат буолууну, үтүө быһыыны көрдөрбүттэрэ. Тосту-туора сир, тосту-туора сэрии… ол эрэн, сэбиэскэй саллааттар уонна эписиэрдэр душманнары кытары хапсыһыы ыарахан усулуобу­йатыгар, стратегическай эбийиэктэри көмүскүүр кытаанах киир­сиилэргэ хас чаас аайы өлөр куттал баарыттан чаҕыйбакка, бэйэлэрин соруктарын чиэһинэйдик толорбуттара.

Зоя ИГНАТЬЕВА, «Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0