6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолорго 10 тыһ. солк. төлүөхтэрэ

Бөлөххө киир:

Дойду президенэ Владимир Путин бу сыл атырдьах ыйыгар 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолорго 10 тыһыынча солк. көмөнү оҥоруохха диэн бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата.

Маны таһынан, инбэлиит үөрэнээччилэргэ эмиэ эбии төлөбүр көрүллүөҕэ.

Үлэ миниистирэ Антон Котяков эрдэ эппитинэн, биир көмөлөөх харчыны  17 мөлүйүөнтэн тахса дьиэ кэргэн ылыахтаах. Онуоха  дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэлэ илиинэн суруллубут сайаапканы Элбэх функциялаах кииннэргэ, Арассыыйа биэнсийэтин пуондатыгар, эбэтэр социальнай харалта уорганнарыгар биитэр  онлайн биэриэн сөп. Эбии ыспыраапка наадата суох.

Владимир Путин Федеральнай Мунньахха этиитигэр оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ саҥа көмө туһунан эппитэ. Ол курдук  от ыйыттан толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ олорор аҕыстарыттан 16-гар диэри саастаах  оҕоҕо 5650 солкуобай көрүллүөҕэ.

Маны таһынан  кыһалҕалаах хат  дьахталларга  6350 солкуобай көрүллүөҕэ.

Эрэгийиэнтэн көрөн, төлөбүрдэр суумалара араастаһаллар.

Үлэ хаамыытын туһунан РФ Бырабыыталыстыбата балаҕан ыйын 1 күнүгэр отчуоттуоҕа.

Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска news.ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0