6%-наах ипотеканы болдьоҕо бүтүөр диэри уһатыахтара

Бөлөххө киир:

Владимир Путин Анал этиитигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө күүһүрэрин туһунан эттэ. Ол курдук, 2019 сылга манна эбии 80 миллиард көрүллүөн сөп.

edersaas.ru

Холобур, билигин ыал ыйдааҕы дохуота хас биирдии киһиэхэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин (прожиточный минимум) 1,5 төгүллээх сууматыттан кыра эрэ буоллаҕына, социальнай көмөҕө тиксэр. Путин маны улаатыннаран, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин икки төгүллээх сууматын саҕа дохуоттаах буоллаҕына, көмөнү ылыан сөп диэн эттэ. Оччотугар, көмөнү ылааччы ахсаана эбиллэр – 520 тыһыынчаттан 770 тыһыынчаҕа диэри.

Ону тэҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр нолуоктарын кыччатар туһунан этии киллэрдэ. “Төһөнөн элбэх оҕолооххун – соччонон аҕыйах нолуогу төлүүгүн” диэн быһаарда. Холобур, дьиэҕэ-уокка, сир учаастагар нолуокка эбии чэпчэтиилэри көрүөхтэрэ.

Былырыыҥҥыттан ыла иккис уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) 6%-наах чэпчэтиилээх ипотека бэриллэр. Ол гынан баран, бириэмэтинэн хааччахтаах этэ (3-5 сылга эрэ бэриллэрэ). Путин маны ипотека болдьоҕо бүтүөр диэри туһаналларын ситиһэр туһунан эттэ, Киин Бааҥҥа тута сорудахтаата. 

Оччоҕуна, иккиттэн элбэх оҕолоох ыаллар 6%-ҥа эрэ 20-30 сылга ипотека ыллахтарына, ыйдааҕы төлүүр суумалара кэм удамыр буолар. Онон элбэх дьиэ кэргэн саҥа дьиэлэнэр, эбэтэр, олорор усулуобуйаларын тупсарар кыахтаналлар.

Ону тэҥэ, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, ипотека сууматыттан 450 тыһ. солк. көҕүрэтиэхтэрэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0