Олоҕун үтүө аҥаарын олорон баран, уһун сылларга күлүүстээх хаайыыга утаарыллыы диэн – киһи өстөөҕөр да баҕарбат дьыалата. Бу ыар буруй эмиэ «арыгы-дьахтар-күнүү» сценарийынан оҥоһуллубут.
Дьыала суукка көрүллэн, бириигэбэр таҕыста.
Суут быһаарбытынан, бу дьыл от ыйын 9 күнүгэр 57 саастаах киһи 53 саастаах дьиэ хаһаайына уонна кини 34 саастаах бииргэ олорор дьахтара буолан арыгылаабыттар.
Ол аһыы-сии олорон, эр дьон соҕотох дьахталларыттан сылтаан, бурҕаһан турбуттар. Онуоха ыалдьыт күнүүлээбитэ күүһүттэн дьиэлээх атаһын быһаҕынан сүрэххэ анньан өлөрбүт.
Ол кэмҥэ таһырдьаттан киирбит дьахталлара туох буолбутун көрөн, ыалларыгар сүүрэн тахсан, «суһал көмөнү» уонна полицияны ыҥырбыт.
Доппуруос кэмигэр буруйданааччы «бэйэбин көмүскэммитим» диэн куотуна сатаабыт.
Ол эрэн, суут мунньаҕар буруйа толору дакаастанан, 8 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлэ быһыллыбыт.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.