Сэрбэллибит баттахтаах кыракый кыысчааны дьиэ иһинээҕилэр бары кэриэтэ таптыыллара. Кыыс төһө да төрүөҕүттэн тулаайах буоллар, ийэтин эдьиийэ аах кинини бэйэлэригэр сыһыаран ииппиттэрэ. Соня олус мэник, түргэн туттуулаах кыысчаан дьиэ иһинэн-таһынан улахан көмө киһитэ этэ. үлэтин ыллыы-туойа, дьиэрэҥкэйдии сылдьан бүтэрэн-оһорон кэбиһэрэ. Ону таһынан тастыҥ бырааттарын, балтыларын оҕолоон эдьиийигэр көмөлөһөрө. Хаһан да кыыһырар, хоргутар диэни билбэккэ, куруук күлэ-үөрэ, кэпсээн-ипсээн чаҕаарыйа сылдьар буолан, кинини көрбүт эрэ киһи барыта сөбүлүүрэ.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
Билигин санаатахха, ол эбит Соняҕа оҕо сааһын чаҕылхай уонна сырдык кэмнэрэ. Бэрт кылгас уонна сырдык өйдөбүллэр. Хомойуох иһин, олоххо сырдык уонна хараҥа сороҕор солбуһа сылдьаллар… Тоҕо, туохтан киһи дьылҕата түҥнэри эргийэрин ким билиэ баарай.
Соня эмискэ ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Кини диагноһын дьон куттанан улаханнык ааттаабаттар даҕаны. Саҥа улаатан эрэр кыысчаан уҥуоҕун ыарыыга сиэтэн, көхсө бөгдьөйөн, сирэйэ уларыйан барбыта көрүөххэ дьулаан этэ. Ханнык хара санаалаах таҥнары кыраабыта дуу, эбэтэр дьоло суох дьылҕаланар быатыгар манныкка тиийдэҕэ дуу?
Соня аны тиэргэн таһынааҕы оҕолорун кытта бииргэ оонньообот буолбута. Дьонтон кыбыстан дьиэ иһинэн эрэ муҥурданара. Кини уон сэттэтигэр эрэ диэри маннык саһан олороохтообута. Кэлин «синим биир» диэн биирдэ эмэ уулуссаҕа таҕыстаҕына, саастаах дьон аһыммыта буолалларын уонна кинини көрүмээри харахтарын куоттаралларын бэлиэтии көрөрө.
Биирдэ кыбыста-кыбыста ыал олбуорун иһинэн килиэп ыла баран истэҕинэ, урут куруук бииргэ оонньуур уолаттара сылдьаллара. Номнуо улаатан, уһаан, эр бэртэрэ буолбуттар. Саамай саҥалаахтара Тимур диэн уол: «Көрүҥ-көрүҥ, Соня тахсыбыт, килиэп ыла барда быһыылаах, эрэйдээх эмээхсин курдук буолбут», — диэн уолаттарыгар эппитин кыыс истибэтэҕэ буола-буола, хаамыы-сүүрүү икки ардынан бэдьэйэ тураахтаабыта. Оо, ол күн кини хараҕын уутунан эрэ сууммута. Онтон ордук кини хайыыр да кыаҕа суоҕа. Кини саастыылаахтара үгүстэрэ фермаҕа үлэлии барбыттара. Оттон кини, киһи аҥаара буолан, дьиэ уонна ампаар икки ардынан эрэ сылдьара. Сайыҥҥы кэмҥэ кинини ампаарга хоннороллоро. Дьэ, манна кини соҕотох хаалан ытыыра да, ыллыыра да көҥүл этэ.
Соня сүүрбэ сааһын туолбута. Дьүһүнүгэр, били урукку кыраһыабай харахтара эрэ хаалбыттар. Ыраахтан көрдөххө, сэттэ уонугар чугаһаабыт эмээхсин курдук этэ. Сүүрбэ сааһыгар диэри биир да истиҥ дьүөгэлэммэккэ, биир да уол астына, хайгыы көрөрүн билбэккэ, ампаарын уонна аймах ыалын дьиэтин икки ардынан олордо.
Оҕо сааһыттан өйдөөн хаалбыта биир. Кинини бары олус кыраһыабай, ийэтин курдук намчы бэйэлээх буолсу дииллэрэ. Онтон эмискэ ыалдьыбыта. Ол түүн түүлүгэр биир оҕонньор киирэн: «Эн төрдүгэр-уускар айыы аймаҕын атаҕастаабыт хара санаалаах, бардам киһи олорбута, ону эйигиттэн ситистэрбин!» – диэт, кыыһы көхсүгэ кымньыынан сырбаппыта. Кыыс түүлүгэр дуу, илэ дуу, амырыын ыарыыттан сарылаабытынан олоро түспүтэ.
Ол түүн аны тартаран, айаҕыттан күүгэн аллан, улаханнык ыалдьыбыта. Үрүҥүнэн-харанан көрө сылдьар уончалаах эрэ кыысчааны оччотооҕу абааһыга-айыыга итэҕэйбэт кэмҥэ балыыһаҕа илдьибиттэрэ. Кыыс ыалдьыбытын истэн, олохтоох отоһут оҕонньор «кыыскытын аҕалан көрдөрүҥ» диэн илдьиттээбитин ылымматахтар. «Дьон билиэ, саат-суут, аны ойууҥҥа, отоһукка итэҕэйэллэр диэн буруйга-сэмэҕэ тардыллыахпыт» диэн буолумматахтарын буруйугар Соня үйэ-саас маннык ыарыһаҕынан хаалбыта.
Кини билигин да өйдөөбөт, оччолорго түүлүгэр туох оҕонньоро киирэн көхсүгэ сырбаппыта буолла? Тоҕо ол урукку иэһи киниттэн, уончалаах эрэ кыыстан, ситистэҕэй? Тоҕо аймахтара отоһукка илпэтэхтэрэ буолуой? Ону барытын санаатаҕына, Соня олох да уута уйгууран хаалара. Хараҕын эрэ уутунан харыстанара, көмүскэтин эрэ уутунан көмүскэнэрэ.
Бу курдук Соня аймахтарыгар олорбута. Кинини кытта саастыы балта ыал буолбута. Ол балтын уруутун сүпсүлгэнэ Соня эрэйдээх көмөтө суох ааспата чахчы.
«Дьэ, бүгүн кэлэллэр, кытаат, Соня, аскын астаар. Дьиэни-уоту хомуйаар», — диэн эдьиийэ куолутунан дьаһайа охсон баран, элэс гыммыта. Оттон күтүөтэ кыыһы ыарыһах буолуоҕуттан сөбүлээбэт курдук туттара. Дьиҥэ, урут бэйэтин оҕолорун кытта тэҥинэн тутар бэйэтэ, кэлин истэҕинэ-аһаатаҕына «абааһы олоппоһуттан» атыннык ааттаабат идэлэммитэ.
Соня түргэн үлүгэрдик бэрэски тиэстэтэ оҥоро охсон буһарбытынан барбыта. Ол быыһыгар алаадьы, хобуорас астыы охсубута. Дьиэтин муостатын кылбаччы сууйан кэбиспитэ. Тоҥ сылгы этин киллэрэн кыайар-кыайбат икки ардынан эттээн ньиллиргэппитэ уонна хобордооххо буһара уурбута. Оҕо сааһыттан ыраас туттуулаах, ыарахан үлэни үлэлии үөрэммит буолан, оччо атаҕастанным, баччаны үлэлээтим диэн хаһан да аахпат этэ.
«Соня-аа, хайа, ханна дьөлө түстүҥ, үөдэн кыыһа, балтыҥ аах кэллилэ-эр…» диэн хаһыыны истээт, таһырдьа сүүрэн тахсыбыта. Балта Рая саҥа күтүөт уоллуун уонна ол уол доҕорун кытта номнуо олбуорга киирэн иһэллэр эбит. Бачча сыллар тухары сылаас, истиҥ иэйии диэни билбэтэх эдэркээн сүрэх эмискэ толугуруу мөхсүбүтэ. «Ити Кини, Кини…» – диэн иһигэр ботугураабыта. Соня күтүөт уол арыалдьыт гынан илдьэ кэлбит, бэрт ис киирбэх дьүһүннээх, орто уҥуохтаах кыаһаан уолу сөбүлүү көрбүтэ. Уол дьулугур курдук көнө уҥуохтааҕа, туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ сэргэх, ис киирбэх этэ.
Кыыс бэйэтэ бэйэтиттэн кыбыстыбыта. Ханна эрэ үгэххэ киирэн саһан хаалыан баҕарбыта. Ол кэмҥэ эдьиийэ: «Хотуой, мэ, ыл эрэ, суумкалары», — диэн Раялаах илдьэ кэлбит малларын кыыска ууммута. Балачча ыйааһыннаах суумкалары сосуһан истэҕинэ, арай, арыалдьыт уол ойон кэлэн: «Аҕал, мин тутуом, ыарахан буолуо», — диэн аһыммыттыы тыл кыбыппыта. Кыыс соһуйан уолу утары көрө түспүтэ. Арыалдьыт уол хойуу кыламаннар быыстарынан соһуйбуттуу чоҕулуччу көрбүт кыраһыабай да кыраһыабай хара харахтары көрөн, тохтоон, таалан туран хаалбыта. Онтон, бэйэтэ да билбэтинэн кыыһы сирийэн көрбүтэ, ол көрбүтүттэн кыбыстыбыт курдук, суумкалары ылаат, кыыстан туора хаампыта.
Ыалдьыттар бары дьиэҕэ киирбиттэрэ. Соня ампаарга ытыы сыппыта. Кини эмиэ да олус уйан, олус кэрэ иэйии түөһүн иһин толорбутун, ол иэйии аны кини чуҥкук олоҕун киниттэн ыйытыыга суох уларытыаҕын сэрэйэрэ уонна онтон дьоллоноро… Эмиэ да куһаҕан быһыытын-таһаатын көрөн уол туох дии санаабыта буолуой, «аата куһаҕанын, тоҕо мин манныкпыный» диэн санаа үүйэ-хаайа тутан, уйа-хайа суох ытаабыта.
Раялаах Серафим ыал буоларга быһаарыммыттарын кэпсээбиттэрэ. Арыалдьыт уол Андрей элбэх саҥата-иҥэтэ суох этэ. Аһыы олорон эмискэ:
— Ити мааҕын суумкалары ыла кэлбит хайа кыыһый? — диэн ыйыппытыгар, аһыы олорор дьон ах баран хаалбыттара.
Онуоха Рая ииппит аҕата, номнуо холуочуйан эрэр буолан:
— Ээ, ити абааһы олоппоһо, биһиэхэ иитимньи буолбута ыраатта, арай үлэһитэ уонна майгыта судургу буолан сылдьар, — диэбитэ.
Онуоха дьиэлээх хаһаайка балтын дуомун төһө да мөхтөр-эттэр, иһигэр көмүскэһэ санаабытын таһыгар таһааран:
— Аргыый эрэ, Бүөтүр, балтым сордоох куруук итинник буолбатах этэ, уончалааҕар абааһы ыарыыта буулаабыта. Оччолорго отоһут оҕонньор тыыннааҕа, аҕалан көрдөрүҥ, эмтиэм диэбитигэр биһиги акаарылар буолумматахпыт. Дьиҥэ, илдьиэх да баара. Үчүгэйкээн, көнө уҥуохтаах барахсан улаатан испитэ. Туох абааһыта быһа сиэбитэ буолла, биир түүн ыарытыйан сүрэхпитин хайыппыта. Онтон ыла үөрэммэтэ да, фермаҕа да үлэлээбэтэ. Кыраһыабайыттан хаалбыта диэн харахтара эрэ. Ити ийэтин курдук буолуохтаах этэ… — эдьиийэ уйадыйан ылбыта.
Аһыы олорооччулар саҥата суох барбыттара. Бары Соня эрэйдээх билигин төһөлөөх кырыаһыабай кыыс буола сылдьыа этэй диэн харахтарыгар оҥорон көрбүттэрэ. Оо, арай ыалдьыбатаҕа буоллар, үөрэнэ да барыа этэ, оччотугар ыраах куоракка сылдьан аналын көрсөн, эмиэ бу курдук күтүөт оҕону аҕалан билиһиннэрэ олорор буолуо этэ…
Соня киэһээҥҥитин аһаабакка да утуйан хаалаахтаабыт этэ. Арай «киэһээҥҥи ыам буолла» диэн ыҥырбыттарыгар уһуктан таһырдьа тахсыбыта, сайыҥҥы киэһэ олус налыар, ыраас салгыннаммыт этэ. Рая Серафимыныын чугас эргин ыалларынан дьаарбайа барбыттар. Оттон Андрей? Кыыс бэйэтэ да билбэтинэн хараҕынан Андрейы көрдөөтө. Суох, Андрей эмиэ барсыбыт быһыылаах…
Ынахтарын ыан баран үүтүн сиидэлээн, умуһахха киллэрээри мадьыктаһа сырыттаҕына, арай аттыгар сэмэй саҥа:
— Мин көмөлөһүүм эрэ, — диэтэ.
Уол мап-маҥан бүрүүкэлээх, кылгас сиэхтээх сырдык булууһалаах, хотон таһыгар хайдах эрэ сиртэн-буортан тэйбит курдук көстөр. Андрей биэдэрэлээх үүттэри ылан умуһахха уган биэрдэ. Соня бу сырыыга кыбыстан, кыайан утары көрбөтө. Хоп-хойуу кыламаннара нарын иэдэһигэр оһуор курдук ыйаннылар. Оттон уол Соня арылхай харахтарын утары көрө сатаан:
— Соня, Серафимнаах Раяны көрдүү барабыт дуо? Мин бу эргини билбэппин ээ, — диэтэ.
«Бу уол миигин күлүү гынар дуу» диэн саныы-саныы, дьон соруйдаҕына аккаастыы үөрэммэтэх кыысчаан бэрт эрэйинэн да буоллар, сөбүлэстэ. Иккиэн кэккэлэһэ хаамсан истилэр. Кыыс уолга түөһүн тылынан эрэ, ону ааһан, саатар, ынах ыырыгар кэтэр ырбаахылаах. Онтун тэллэҕэ киртийбитин суулуу тутан, илиитинэн бүөлүү сатыы-сатыы, сиргэ тимириэҕин сир кытаанах буолан, дьонтон кыбыстар муҥун көрөн истэ. Уол бастаан киэҥник хардыылаан, түргэнник хааман иһэн, өйдөнөн, бытааран хаалла. Иккиэн туох да диэн кэпсэтиэхтэрин билбэтилэр. Онтон уол эмискэ кыыһы илиититтэн ылла. Соня соһуйан, долгуйан, хайдах буолуон билбэккэ, тохтоон, таалан турда…
Cөбүлүү көрбүт уолун сылаас илиилэриттэн эрдийэн, Соня били куһаҕан быһыытын-таһаатын умнан, бэйэтин хайдах эрэ олус кэрэтик сананан уол харахтарын утары көрдө. Икки харахтар утары көрсөн, аны хаһан да харахтарбытын куоттарар буолумуох диэбиттии харса суохтук көрсүһэ түстүлэр. Онтон кыыс эрэйдээх кыл түгэҥҥэ умнан ылбыт олоҕун сүрүн кыһалҕата оҥостубут сүгэһэрин өйдөөн кэлэн, хойуу кыламаннарынан умса көрдө. Онуоха, соһуйуон иһин, Андрей илиилэрин ыһыктыбакка кыыһы утары көрө сатаан оргууй сибигинэйдэ:
— Соня, эн наһаа кыраһыабай уонна амарах сүрэхтээх кыыскын…
«Кыраһыабай… чахчы күлүү гынар ээ, быһыыта, бу мин түһүүбүн дуу тугуй?» Кыыс уол саҥатын түүл-бит курдук истэ туран итэҕэйиминэ, уол илиилэрин ыга тутта. Онуоха сып-сылаас уостар даҕайыыларыттан уҥа таала долгуйан, хаһан да таптал сылааһын билбэтэх эдэркээн кыысчаан соһуйан куоппата. Ол киэһэ кинилэр Раялаах Серафимы көрдүү барбакка, чугас эргиннээҕи ыһыах ыһар сир тула хаамыстылар. Айылҕа барахсан чахчы да олус тупсан, бу барыта эһиги иккиэн хаамсаргытыгар анаан диэбиттии кэрэ сибэккилэринэн, чээлэй отунан тэлгэнэн, онуоха мааҕын тэйгэйэ тэтэрбит күн барахсан кыыһан олох да ураты хартыына этэ.
Киэһэ бэркэ хойутаан, имэ тэтэрэ кыыһан Соня дьиэҕэ киирбитэ, дьоно аах долгуйан утуйбакка кэтэһэн олороллор эбит. Кыыс кэнниттэн оргууй Андрей киирэн доҕорун Серафим таһыгар тиийэн олордо. Соня эдьиийэ олоро түһэн баран:
– Андрей, Соня эһигини сүтүктээн олоробут ээ. Райкалаах мааҕын кэлбиттэрэ, ыраахтан күөл кытыытынан хаамса сылдьаргытын көрбүттэр этэ. Соня, таҥаскын да уларыттыбакка ойдоҕуҥ тугун сүрэй, ханна наадата суохха сытыы эбиккин дуу. Дьон сиилиэ диэн кыбыстыбаккын даҕаны!
Эдьиийэ урукку өттүгэр мөҕөн-мөҕөн кэлбитэ эрээри, кыыс онно соччо кыһаммат этэ. Оттон бу сырыыга кини ис-иһиттэн уйадыйда. «Дьон сиилиэ диэн кыбыстыбаккын» буола-буола, ол аата мин тапталга анамматах бүрэ, киһи аҥаара эрэйдээх уоллуун хаамыстахпына дьон эрэ сиитигэр барыыһыкпын дуу… Андрей, кытаат, кыыспытын харыстаа диэхтэрин оннугар….» кыыс бу олорон бэйэтин санаатыттан ытамньыйан, хараҕын уута халыс гынаат, ампаарыгар ыстанна.
Кэнниттэн кырдьаҕас күтүөтэ, биллэ холуочуйан олорор этэ, «абааһы олоппоһо эмиэ тапталланан баҕастанан…» диэн хомуруйбут саҥатын истэн хаалла. Билигин Андрей аны чугаһыыра биллибэт. Чэ буоллун, ол эрээри биирдэ бэриллэр муҥур үйэбэр таптыыр киһим истиҥ көрүүтүн уонна уоһун сылааһын олоҕум устатын тухары саныы сылдьыам диэн эрэх-турах сананан, ампаарын иһиттэн хатаммыта. Өр да өр чүмэчитин уотун умулларбакка өрүтэ тыына сыппыта. Арай чэпчэки атах тыаһа ампаар таһыгар кэлбитэ уонна: «Соня, Соня, арый эрэ…» ити балта Рая кэлбит этэ.
Омуннаах киһи Рая киирдэ киирээт:
— Хайа, кырасаабысса, олох Андрейы эйиэхэ анаан аҕалбыт эбиппит дии, — диэн күлэн иһэн, кыыс дириҥ, санаарҕаабыт харахтарын көрөн арыый туттунна.
— Соня, дьонум аах Андрейдыын кэпсэттилэр, оттон, биллэн турар, ийэм кэпсэттэҕэ дии…
— Ол тугу? — Соня уһуктубуттуу соһуйан олоро түстэ.
— Тоҕо кыыспытынан оонньуугун, эрэйдээх тапталы билэн баран үйэтин тухары эрэйдэниэ, эн син биир кинини кэргэн ылбаккын диэтилэр.
Соня балтын тылларыттан олус харааһынна. Онто суох «абааһы олоппоһуттан» атыннык ааттаабат дьон киниэхэ Андрейы тэҥнээбэттэрэ чахчы. Оччотугар тоҕо Андрей тылланан туран көмөлөспүтэй, сылаастык уураан долгуппутай?
Кыыс ити санааларын чопчулуурдуу оргууй балтыгар эргиллэн:
— Рая, эн санааҕар, Андрей миигин хаһан да таптыа суоҕа дуо?
— Оо дьэ, Суонньуска, мин ону хантан билиэмий, хаамсыбыт дьон бэйэҕит билэн эрдэххит дии… Ол мин дьонум санаалара диэн. Андрей сөбүлүүр буолла да, кимтэн да ыйытыа да суоҕа, чэ мин бардым, манна сөрүүн эбит, — диэт, Рая элэстэнэ турбута.
Балта эмиэ да сөпкө этэр. Оттон кини куруук дьон санаатынан салайтара сылдьыбыт буолан саарбахтыыра үгүс…
Соня чүмэчитин умулларан, суорҕанын сыҥааҕар диэри саптан баран, бүгүҥҥү соһуччу уонна долгутуулаах күнүн саныы сыттаҕына, арай, ампаар аанын ким эрэ тардыалыыр тыаһа иһилиннэ.
Кыыс куттанан олоро биэрдэ онтон эр ылан:
— Кимий? — диэн ыйытта.
Онуоха бэркэ ахтыбыт, истиҥ саҥата:
— Соня, мин Андрейбын…, — диэтэ.
Соня, суорҕанын туора илгээт, хайдах ойон турбутун да өйдөөбөккө ааны аһа оҕуста.
Сайыҥҥы нуурал, сөрүүн түүн Андрей мичилийбит харахтарынан истиҥник Соняны көрөн турара. Оттон кыыс уһун суһуохтара субуллан, атах сыгынньах турарыттан симиттэн, умса көрдө уонна:
— Тоҕо утуйбакка сылдьаҕын? — диэн аат-харата ыйытта.
Онуоха уол ампаарга атыллаан киирээт, кыыһы көтөҕөн ылла. Оргууй бигээбитинэн ороҥҥо аҕалан олорто уонна кыыс итийбит иэдэстэрин, уостарын ууруу-сыллыы олорон:
— Соня, мин эйигин наһаа аҕынным… — диэтэ.
Кыыс эрэйдээх хайдах буолуон билбэккэ оргууй, синим биир диэбиттии:
— Андрей, эн миигиттэн кыбыстыаҥ суоҕа дуо? — диэн ыйытта.
Ол эрээри уол ону өйдөөн да истибэккэ, кыыһы сыллыырын-ууруурун быыһыгар:
— Соня, эн биһи икки куруук бииргэ буолуохпут, — диэн кыыс онто суох долгуйбут сүрэҕин үөрдэн эрэллээх тыллары эттэ-тыынна.
Дьоллоох түүн Соня сүрэҕэр үйэ-саас хаалбыта. Соня ол түүн кэнниттэн эмиэ уруккутун курдук соҕотох. Олоҕор, биирдэ бэриллэр муҥур үйэтигэр таптыыр киһитин тапталын, имэҥин билбит үөрүүтэ Соня эрэйдээх олоҕун ыйар сулуһа этэ.
Соня олох умнубат, ол күн сарсыҥҥытын. Арай Андрей түүн дьиэҕэ хоммотоҕун уорбалаан Серафимнаах Рая ампаары тоҥсуйбуттара. Кинилэр барытын билбиттэрэ. Оттон Андрей сарсыныгар куоракка барыахтааҕа. Кини Соня эдьиийэ ааҕы кытта кыыс туһунан кэпсэтэ сатаабыта. Онуоха эдьиийэ «ити ыарыһах кыыһы кытта сатааҥ олоруоҥ суоҕа, эрэйдээҕиҥ оҕолонуо да суоҕа, таах сордоон сүрэҕин алдьатыма» диэн «истиҥ” сүбэтин ылыннаҕа буолуо, Андрей барбыта. Оттон Соня бу таптыыр киһитин бүтэһиктээҕин көрөрүн сүрэҕин оҕото сэрэйбит курдук уохтаахтык уураабыта, хараҕын уутунан сууммута. Арай Андрей: «Эн биһи икки ыал буолуохпут», – диэбитэ уонна тапталын туоһута гынан сибэкки дьөрбөтүн туппут кыыс ойуулаах сырдык значок бэлэхтээбитэ. Значок бөлтөркөй ойуутугар баар кыыс тиистэрэ кылбаһан, сибэкки ылбытыттан бэркэ үөрбүт курдук этэ.
Онтон ыла отут сыл ааста. Соня значогун куруук кэтэ сылдьара. Ол значокка баар кыыс билигин тиистэрин кырааската баран, сибэккилэр дьэрэкээн ойуулара онон-манан сүтэн, суураллан, биир үксүн Соня да хараҕын уута суурайдаҕа буолуо, кэми кытта тэҥҥэ эргэрдэ. Соня билигин эмиэ ампаар уонна дьиэ икки ардынан сылдьан оҕо көрөр, бу сырыыга Раялаах Серафим сиэннэрин. Сайынын оҕуруокка уу кутар, сыыс от ыраастыыр. Иллэҥ кэмигэр алаадьылыыр, сир астыыр, отон ыраастыыр. Кыһынын хотонтон киирбэт.
Арыый иллэҥсийдэҕинэ иистэнэр. Бу маннык иллэҥ кэмигэр кини куруук Андрейын саныыр. Төһө да сирэйэ мырчыстан, баттаҕа аастыйа быһыытыйдар, кини Андрейын хаһан да кырдьыбыта буолуо дии санаабат этэ. Кини санаатыгар Андрей куруук мичилийбит харахтардаах эдэркээн уол.
Андрей ол отут сыллааҕыта мантан куоракка тиийэн бииргэ үөрэммит кыыһын көрсөн доҕордоспутун Соня аймана уонна харааста истибитэ. Ол аата Андрей киниэхэ кэлбэт эбит, кэлиэ да суох. Ол эрээри Соня олус күүтэрэ, хаһан эрэ Андрей оннук үөрбүтүнэн кини ампаарын тоҥсуйуон…
Хомойуох иһин, Соня Андрей ол кыыһыныын ыал буолан үс оҕоломмуттарын истибитэ. Кинилэр сыбаайбаларыгар Рая кэргэниниин баралларыгар балтын былааччыйатын Соня бэркэ кыһаллан тикпитэ. Хайдах эрэ кини тикпит таҥаһа таптыыр киһититтэн чугас сылдьарын истиҥник санаабыта дуу,эбэтэр Андрей Раялаахтан Соняны ыйытыан иһигэр олус баҕарбыта дуу. Сыбаайба кэнниттэн Раялаах Андрей холуочуйан олорон «Соня төһө бэркэ сылдьар» диэн ыйыппытын кэпсээн кыыс сүрэҕин аймаабыттара. Кырдьык, аата, кини олоҕо салалларыгар эдьиийэ аах биир тылы кыбыппатахтарыттан, хата, төттөрүтүн, «ыарыһах эрэйдээх сатаан оҕолонуо суоҕа» диэн төттөрү сабатаастаабыттарын хомойо саныыр.
Соня күн бүгүнүгэр диэри Андрей бэлэхтээбит кыыс ойуулаах значогун илдьэ сылдьар. Ол значок төһө да өҥө-ойуута өлбөөдүйэн, Сонялыын тэҥҥэ эргэрэн кырыйдар, бу киниэхэ ханнык да көмүс биһилэхтээҕэр күндү. Арай, эдэр сааһыттан «абааһы олоппоһо» диэн ааттаммыт кыысчаан билигин төһө да кырдьан били эмээхсин курдук бөкчөгөр быһыытыгар дьэ, сөп түбэстэр, эдэр сааһын күүстээх тапталын сүрэҕэр сөҥөрөн илдьэ сылдьар.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru