Орто Халымалар хаһааска 546 туоннаны оттоотулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Орто Халыма отчуттара 6 тыһ. 338 туонна оту чөкөтөннөр, былааннарын 94% толордулар. Бу иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 2 тыһ. 121, нэһилиэнньэ 1 тыһ. 935, бааһынай хаһаайыстыбалар 1 тыһ. 533, оскуолалар 204 туонна оттоннулар.

I Хаҥалас, II Мээтис нэһилиэктэрэ кыстыыр отторун хааччыннылар, сыбаатайдар, налимскайдар былааннарын таһынан оттуу сылдьаллар. Арҕахтаахха «Кустук» кэпэрэтиип, «Третьякова» бааһынай хаһаайыстыба, Эбээххэ оскуола үлэһиттэрэ, Сылгы Ыытарга «Берёзкин» бааһынай хаһаайыстыба былааннарын толорон, күнү-дьылы баттаһа эбии оттууллар.

Хаһааска оттуур биригээдэлэр көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Ол курдук, былааннарын налимскайдар 130%, ойуһардаахтар 106%, сыбаатайдар уонна эбээхтэр 100% толорон, саппааска улуус үрдүнэн 546 туонна от бэлэмнэннэ. Бу кыстыгы этэҥҥэ туоруурга төһүү буолуоҕа.

Римма Ноговицына, «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0