54 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От ыйын 21 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан Ньурбаҕа, Нерюнгрига, Үөһээ Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Өлөөҥҥө уонна Өймөкөөҥҥө алта ойуур баһаара умуруоруллубут. 

Саха сирин үрдүнэн барыта 54 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр. Ол курдук,  Эдьигээҥҥэ, Орто Халымаҕа, Томпоҕо, Үөһээ Бүлүүгэ биирдии, Өймөкөөҥҥө икки, Нерюнгрига 10, Уус Маайаҕа 14, Алдаҥҥа 24 ойуур баһаардара умайаллар. Былырыын баччаларга 227 баһаара баара. Билиҥҥи туругунан Үөһээ Бүлүүгэ, Өймөкөөҥҥө, Томпоҕо, Уус Маайаҕа уонна  Өймөкөөҥҥө алта ойуур баһаарын умуруоруу ыытыллар. Эбии Уус Маайаҕа уонна Томпоҕо 4 ойуур баһаара турбута биллибит.

Умуруорууга барыта 456 киһи үлэлиир уонна 21 тиэхиньикэ көмөлөһөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Хабаровскай кыраайга турбут ойуур баһаардарын буруота билигин даҕаны биллэр.  СӨ Ил Дархана бэс ыйын 28 күнүнээҕи ыйааҕынан (2527 №-дээх) Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ  Саха сирин олохтооругар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр  8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0