54 хонук тайҕаҕа муммут Артур Старостин кэпсээнэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн «Муммуттар» диэн саҥа сахалыы киинэ премьерата буолар. Киинэ дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран уһуллунна диэн хаһыат сирэйдэрин, Интернет ситимин толорбуттара. 2002 сыллааахха Үөһээ Дьааҥы Үҥкүр бөһүлэгэр икки уол балыктыы сылдьан сүппүттэрэ. Аар тайҕаҕа мунан, эрэй бөҕөтүн көрсүбүттэрэ.

Дьон-сэргэ уолаттары тыыннах хаалбыттара буолуо диэн эрэллэрэ сүппүтүн кэннэ биирдэ көстүбүттэрэ. Бүгүн биһиэхэ 54 хонук устата тыаҕа муна сылдьыбыт Артур Старостин 13 сыл аннараа өттүгэр ааспыт түбэлтэ туһунан туох баарынан кэпсээтэ.

Балыктыы барбыппыт…

Бэс ыйын ортото этэ. Өҥүрүк куйаастар сатыылаан тураллар. Мин оччолорго 16 саастаахпын. Ол сыл оскуоланы саҥа бүтэрбитим. Оттон доҕорум Толя Аммосов 18 саастааҕа. Толялыын кыра эрдэхпититтэн уу тэстибэт доҕордуу этибит. Биир күн оҥостоммут соччо билбэт сирбитигэр, дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус турар үрэххэ балыктыы барбыппыт. Тиийэн аһыы олордохпутуна, ыттарбыт иккиэн үр да үр буоллулар, биһиэхэ кэлэн эриллибиттэрэ. Онтон баара-суоҕа сүүрбэччэ миэтэрэ тэйиччи турар ойууртан тыатааҕы аҕалыы-аҕалыы сүүрэн тахсыбыта. Оччо айылааҕы көрбүт дьон, атахха биллэрбиппит. Кутталбытыттан төһө өр сүүрбүппүтүн даҕаны өйдөөбөппүт, биирдэ көрбүппүт олох билбэт сирбитигэр тохтоон турар эбиппит. Дэриэбинэбит манан баара буолаарай диэн хаамтахпыт ахсын биир сиргэ эргиллэн кэлэ турар курдук этибит. Тохтоло суох хаамаммыт, олох даҕаны суолбутун-ииспитин, сирбитин-уоппутун барытын булкуйан кэбиспиппит. Оннук муммуппутун дьэ, өйдөөбүппүт. Мантан ыла уһун эрэйдээх күннэр-түүннэр саҕаламмыттара…

Эриэхэлээн аһаабыппыт

Хата, дьолго, элбэх өйүөнү ылбыт буоламмыт бастакы күннэргэ аччыктаабакка сылдьыбыппыт. Аҕыйах устуука испиискэ тоһоҕолоох этибит, онтубутун харыстаан, олус тоҥнохпутуна эрэ уот оттунарбыт. Биирдэ даҕаны балыктаан аһаабатахпыт, биир даҕаны балыгы туппатахпыт. Сайын ортото буолан, сир аһа буспут этэ. Онон отонунан, сиикэй эриэхэнэн аһылыктана сылдьыбыппыт. Аччыктаары гыннахпытына наар үрэхтэн, күөлтэн уулаан иһэр этибит. Син үстэ-түөртэ үүтээҥҥэ түбэһэммит хоммуппут. Булчуттар хаалларбыт астарын тобоҕун буллахпытына улахан үөрүү буолара. Балыктыы барарбытыгар икки ыттаах барбыппыт. Толик ыта бастакы күннэргэ сүтэн хаалбыта. Кэлин Үҥкүгэ тиийбит диэбиттэрэ, олох даҕаны атын ыт үһү. Мин ытым син сылдьыһа түһэн баран, эмиэ куотан хаалбыта. Барахсан, олус дьүдэйээхтээбит да этэ. Муммуппут бастакы күннэригэр син хас хоммуппутун ааҕар этибит, кэлин булкуллан хаалбыппыт.

Былыргы быһах

Ол сылдьыбыппыт тухары тыатааҕыны хаста даҕаны көрбүппүт. Ону таһынан ахсаана биллибэт кыыл табаны, тайаҕы, тайҕа араас кыылларын барытын көрбүппүт. Бэйэбитин харыстанар, көмүскэнэр саа, быһах хантан кэлиэй? Туохпут даҕаны суоҕа. Бултуу-балыктыы сылдьыбыт дьон диэтэххэ, быһаҕа суох барбыт этибит. Ааҕан сиппэт элбэх үрэҕи, күөлү туораабыппыт, хайалары нөҥүөлээбиппит. Биирдэ хайа үрдүгэр тахсан, былыргы киһи уҥуохтарыгар түбэспиппит. Биир уҥуохтан былыргы бэрэчиинэй быһаҕы булбуппут. Дэлби дьэбиннирэн хаалбыт этэ, сыппыта ырааппыт быһыылааҕа. Төһө даҕаны аньыырҕаатарбыт, хайыыр да кыахпыт суох этэ, быһаҕы ылбыппыт. Бу муммуппут балайда ырааппытын кэнниттэн этэ.

Үүтээҥҥэ

Хаһыс күммүтүгэр эбитэ буолла, өйдөөбөппүн. Курулас ардах түһэ турар этэ. Иккиэн ибигириэхпитигэр диэри олус тоҥмуппут. Үрүйэ кытыытынан баран истэхпитинэ, сыыр үрдүгэр үүтээн турар эбит. Үүтээн диэххэ дьиэҕэ майгынныыра. Арааһа, саас уу кэлбитигэр кэлсэн хаалбыт быһыылаах диэн сабаҕалаабыппыт. Дьиэ иһигэр киирбиппит, муоста эҥин диэн суох этэ. Кураанах мас буламмыт, дьиэ иһигэр кутаа оттубуппут. Дьиэ манна турбута быданнаабыт быһыылааҕа. Муостата суох диэбиппит, буор анныгар хаппыт муосталаах эбит. Кутаа оттубуппутугар ол муостата умайан киирэн барбата дуо! Мин уоту умуораары үрүйэҕэ уу баһа киирбитим, Толик онно хаалбыта. Арай кэлбитим, дьиэ номнуо бүтүннүү умайбыт, арааһа өр турбут дьиэ эмэхтийдэҕэ буолуо. Толик нэһиилэ түннүгүнэн ыстанан тахсан, уоттан быыһаммыт этэ. Онон ол үүтээҥҥэ биир да түүн хоммотохпут. Салгыы айаннаабыппыт.

Алданы туорааһын

Өр да өр хаамаммыт үрэххэ кэлэн иҥнэн хаалбыппыт. Үрэх чычаас соҕус өттүн буламмыт нөҥүө туоруохха диэн быһаарыммыппыт. Бастаан Толик барбыта. Үрэхпит сүүрүктээх баҕайы этэ. Толик өр да өр булумахтаһан, тыын былдьаһа-былдьаһа, чачайа-чачайа, нэһиилэ нөҥүө биэрэккэ тахсыбыта. Мин кини кэнниттэн үрэххэ киирбитим. Син ортолоон иһэммин, күүстээх баҕайы сүүрүккэ оҕустарбытым. Хардыылаатаҕым аайы сүүрүк илдьэ барыах курдуга. Аччыктаан быстара сылдьар буоламмын, сэниэм даҕаны суоҕа. Толигым өрүһүйэ кэлиэн, нөҥүө биэрэккэ бэйэтэ нэһиилэ сытар этэ. Аны күүстээх баҕайы ардах түһэ турбута. Үрэх ортотугар син өр турбутум. Арай ол туран иһиттэхпинэ, мотуор тыаһыыр. Көрбүтүм, мотуоркалаах дьон иһэр эбиттэр. Миигин көрөн олус соһуйбуттара, ууттан таһаарбыттара. Икки нуучча эр дьоно этилэр, балыктыы баран эрэллэр үһү. Биһиги «муна сылдьабыт, илдьэ барыҥ» дии сатаабыппытын итэҕэйбэтэхтэрэ. Чугас эргин сылдьар уолаттар муммуттар быһыылаах диэннэр, «үүтээн баара, онно барыҥ» диэбиттэрэ. «Бу ханна, ханан сылдьабытый?» диэн ыйыппыппытыгар, «Алдан өрүскэ, Уус-Алдаҥҥа сылдьаҕыт» диэн соһуппуттара. Биһиги онно эрэ тиийиэхпит дии санаабатах буоллахпыт дии, үрэҕи нөҥүөлээтибит дии санаабыппыт, Алдан өрүс эбит. Мин Алдан өрүс диэн баарын онно саҥа истибитим. Ол дьон бэйэлэрэ саҥа балыктыы баран эрэр буолан төҥнүбэтэхтэрэ, суолбутун ыйан баран салгыы устубуттара. Син өр эрэйдэнэн ыйбыт үүтээннэрин булбуппут. Онно икки хоммуппут.

Түүлээхтэн сатыы

Иккис күммүтүгэр мотуор тыаһаабытыгар өрүскэ тахсбыппыт. Онно эмиэ ол нууччаларбыт төннөн иһэр этилэрэ. Биһиги барбакка сылдьарбытын көрөн, соһуйбуттара аҕай. Дьиҥнээхтии муна сылдьаллар эбит диэн итэҕэйбиттэрэ. «Чугас дэриэбинэ баар, онно барыҥ» диэбиттэрэ. Бу диэн ханнык дэриэбинэтин өйдөөбөппүн, арааһа, Түүлээх этэ быһыылааҕа. Онно тиийэммит «бу биһиги тиийэн кэллибит» диэн дэриэбинэҕэ киирэн кэлбэтэхпит. Киһи тыаҕа өр баҕайы сырыттаҕына, дьиибэ баҕайы буолар эбит, баҕар куттанан киирбэтэхпит эбитэ дуу… Икки ый кэриҥэ тыаҕа сылдьыбыт дьон, таҥаспыт-саппыт да ынырык буоллаҕа. Дьоҥҥо көстүбэтэхпит. Дэриэбинэни кыйа хааман, суолга тахсан, сатыы Дьокуускайдаабыппыт. Оннук Суоттуга паром тохтуур сиригэр тиийбиппит. Аан бастаан паром диэн баарын онно көрбүппүт. Биэрэккэ сылдьар Влад диэн уоллуун билсибиппит. Влад Дьокуускайтан Суоттуга тахса сылдьыбыт быһыылааҕа. Кини көмөлөһөн, ыйан-кэрдэн, аргыстаһан, Дьокуускайы булбуппут.

Дьокуускайга

Дьокуускайга кэлэммит эмиэ тоҕо эрэ кимнээххэ да биллибэтэхпит. Аҕыйах күн мээнэ сылдьыбыппыт. Оннук сылдьан мин бииргэ үөрэммит кыыспын көрсө түспүппүт. Үөрэхпитин бүтэрбит сылбыт буолан, кылааһынньыктарым үөрэх туттарса эҥин сылдьаллар этэ. Кыыспыт биһигини көрөн олус соһуйда, биһигини бары сүтэрэн, көрдүү сылдьалларын кэпсээбитэ. Оннук ол кыыс дьоммутугар биллэрэн, дойдубутун муммуппут иккис ыйыгар биирдэ булбуппут.

        «Муммуттар» киинэ туһунан

2014 сыллаахха «Муммуттар» киинэҕэ сүрүн оруолу оонньуур уолаттарга Данил Осиповка уонна Илья Портнягиҥҥа бу түбэлтэ туһунан кэпсээбитим. Уолаттар куоракка кэлэннэр режиссердарга, продюсердарга кэпсээбиттэр этэ. Өр баҕайы устууну саҕалаабатахтара. Онтон Алексей Амбросьев режиссердаах «Муммуттар» киинэ уһуллан эрэрин туһунан истибитим. Син соторутааҕыта артыыс Илья Портягин WhatsApp-тыы сылдьыбыта, «премьераҕа кэлиэҥ этэ» диэн.

Билигин суол суох, самолетунан билиэт сыаната ыарахан, онон кэлбэппин, кэлэрим да улахан наадата суох дии саныыбын. Киинэ трейлерин көрбүтүм. Мин санаабар, бу чопчу биһиги муна сылдьыбыппыт туһунан киинэ буолбатах. Киинэҕэ оонньуур геройдартан биһиги эмиэ атыттарбыт. Онно «бу Артур, бу Толик сылдьар» диэн оонньооботохторо буолуо. Биһиги сырыыбытын хайдах баарынан устар ыарахаттардааҕа буолуо. Буолбут түбэлтэҕэ тирэҕирэн эрэ, аныгылыы устубуттар быһыылаах.

Махтанабын…

Мин билигин Өймөкөөннөөҕү Саха НКИК филиалын үлэһитэбин. Өймөкөөҥҥө 2007 сылтан олохсуйбутум. Былырыын ХИФУ филологическай факультетын бүтэрбитим. Доҕорум Толя Аммосов билигин Үҥкүргэ баар. Куруук тыаҕа сылдьар быһыылаах. Сибээстэспэппин. Хаһан эрэ төлөпүөнүн нүөмэрин булан эрийэ сатаабытым даҕаны, сибээс хаппат сиригэр сылдьар быһыылааҕа. Толялыын ол муна сылдьыбыт икки ыйбыт тухары биирдэ даҕаны кыыһырсыбакка, киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка сылдьыбыппыт. Бэйэ-бэйэбитин өйөһөр этибит. Ким баҕарар маннык түбэлтэҕэ түбэһиэн сөп дии саныыбын. Дьиҥэр, онно-манна түбэспиппит, көрбүппүт-истибиппит элбэх. Ону киһи биир күнүнэн даҕаны сатаан кэпсээбэтэ буолуо… Толик оччолорго 18-таах уол, бултка-алка уһуйуллубут, кыахтаах, хоту дойду хоһуун уола буолан, биһиги тыыннаах хааллахпыт. Онон доҕорбор төһө да сыл ааспытын кэннэ махталым муҥура суох…

Айтана АММОСОВА, edersaas.ru

+1
20
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
0
+1
2