Кыайыылаахха 50 тыһ. солк. туттардылар

06.09.2017
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр  саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, «Сунтаар миигин ыҥырар» диэн литературнай ырыа-хоһоон түһүлгэтэ төрүттэннэ. edersaas.ru

Ханнык баҕарар литературнай түһүлгэ уус-уран күрэстэрдээх. Ол сиэринэн, “Хоһуйар хоһооннорбор олох кинигэтин арыйабын…” Л.А. Попов хоһооннорун уус-ураннык ааҕыы, “Кустук араас өҥүнэн” суруйааччы, эколог Э.Д. Соколов-Тулусхан кэриэһигэр айылҕаны хоһуйуу күрэһэ, “Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ” улуустааҕы литературнай түмсүү аһаҕас айар күрэһэ уонна тута хоһуйуу ыытылыннылар.

Хоһооннору уус-уран ааҕыы бастааҥҥыттан үрдүк таһымҥа ыытылынна. Барыта 62 киһи кытынна. Олоҥхоһут, олоҥхону үөрэтээччи Никандр Тимофеев уһун поэманы өйүттэн ааҕан сөхтөрдө. “Ийэ тыл” түмсүү чилиэнэ Татьяна Семенова хас да хоһоонунан бэйиэт дьылҕатын туһунан уус-уран дьүһүйүүнү итэҕэтиилээхтик көрдөрөн, дьону долгутан, уйадытан ылла.

Үгүстэр көннөрү хоһоону ааҕар эрэ курдук буолбакка, таҥастарын-саптарын, муусуканан доҕуһуолларын, малларын-салларын (реквизиттэрин) уонна уобарастарын эрдэт­тэн толкуйдаан бэлэмнэммиттэрэ, тыйаатыр туруорууларын санатта. Холобур, “Илиибэр эн илииҥ суох буолла” хоһоону ааҕарга сэлээппэлээх, былыргылыы болтуолаах, чымадааннаах тахсан аахпыт кыттааччы олус итэҕэтиилээхтик көһүннэ. Сүүрбэ сыл олорбут ыал арахсан, субу ааны сабан тахсан бараары туран, дууһатын кыланыытын хоһоонунан этэр киһи уобараһа табыллыбыт диэххэ наада.

Чахчы да, төһө да күүрээннээх олоҕу олордор, элбэҕи айдар-суруйдар, бэйиэт өлбүтүн кэннэ айымньылара ааҕыллыбат, кинигэлэрэ быылынан бүрүллэн, сабыллан сытар буоллахтарына, кини аата умнуллан, симэли­йэн барар. Оттон бу курдук дьон-сэргэ таптаан ааҕар, ырыа гынан ыллыыр, оҕолорго үөрэтэр буоллаҕына – бэйиэт тыыннаах, кини санаата, иэйиитэ, өркөн өйүн өрө көтүүтэ – тыыннаах!

Уус-уран ааҕыы күрэһэр кыайыылаах Татьяна Семенова бэйиэт уустук дьылҕатын дьүһүйэн көрдөрөр.

Бу күрэскэ бастааҥҥыттан Элгээйиттэн “Ийэ тыл” түмсүү ордук чорбойон көһүннэ. Эльвира Николаева режиссердаан, кырдьык да, ханнык да үрдүк сыанаҕа киһи кыбыстыбакка көрдөрөр дьүһүйүүлэрин бэлэмнээбиттэр. Ол иһин да, 1-кы миэстэни Татьяна Семенова, 2-һи “Ийэ тыл” түмсүү бөлөҕө, 3-һү М.Потапова ыллылар.

Айылҕаны хоһуйуу күрэһэр, уустук дьүүллэһии кэнниттэн, 1-кы миэстэни Александр Алексеевка, 2-һи Людмила Пустоляковаҕа, 3-һү Екатерина Львоваҕа биэрдилэр.

Маны тэҥэ тута хоһуйуу күрэһэр 45 киһи кытынна. Экология сылынан, бэриллибит тиэмэтэ – уу. Сүүрбэ мүнүүтэ иһигэр түөрт устуруокалаах сиппит хоһоону айыахтаахтар. Бу күрэскэ Трофим Егоров кыайан, уу харчынан, 5 тыһыынча солкуобайынан бириэмийэлэннэ.

“Ньургуһуннар хоһуйар түһүлгэлэригэр” отучча киһи бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар. Манна “Ньургуһун” литературнай түмсүү чилиэннэрэ кытыннылар. “Бастыҥ дьүһүйүү” анал ааты Марианна Семенова-Умтичана, “Оҕоҕо анаммыт бастыҥ хоһоон” – Валерий Михайлов, “Уйаҕас иэйиилээх хоһоонньут” – Александр Оконешников, “Сыл бастыҥ арыйыыта” – Лиана Ю. ыллылар.

Л.Поповка анаммыт литературнай түһүлгэ уратытынан, улуус дьаһалтатын аатыттан грант олохтоон, ааптар кинигэ таһаарарыгар көмөлөһүү буолар.   Манна айымньылары эрдэттэн хомуйан көрөллөр. Ол курдук, 32 үлэ киирбититтэн, Тойбохойтон Вера Уарованы талан ыллылар. Киниэхэ 50 тыһ. солк. бириэмийэ туттарылынна.

Ону тэҥэ, ыалдьыттыы кэлбит суруйааччыларга: Иван Мигалкиҥҥа, Арчылаҥҥа, Саргылаана Спиридоноваҕа, Валериан Николаевка, Дайыынаҕа саҥа саҕалааччы ааптардар үлэлэрин туттардылар. Кинилэр рецензия суруйан, ырытан, кыалыннаҕына, бэчээккэ биэрэн, саҥа саҕалыыр дьоҥҥо көмөлөһүөхтээхтэр.

Бастакы тэрээһин табылынна диэххэ сөп. Ол курдук, дьон-сэргэ астынан тарҕас­та.  Сунтаары Олоҥхо дойдута диэн мээнэҕэ ааттаабатахтара. Былыр-былыргыттан саха тылын сүмэтин илдьэ сылдьар уус тыллаахтар,  улуу тойуксуттар, оһуокайдьыттар, олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбиттэрэ. Онон аны да ыраахтан-чугастан айар умсулҕаҥҥа ылларбыт дьону “аһын астаан, уот оттон” ыҥыра, угуйа туруоҕа…

 

Мария Кобельянова, улуустааҕы култуура уонна айылгы салаа­тын салайааччы:

Леонид Попов аатынан ырыа-хоһоон түһүлгэтин быйыл улууска, эһиил Бүлүү умнаһыгар, икки сылынан, норуодунай бэйиэт төрөөбүтэ 100 сылын туоларыгар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытар былааннаахпыт. Эһиил прозаҕа, поэзияҕа тус-туспа граннары олохтуохпут. Сунтаар улууһуттан соҕотох норуодунай бэйиэт Леонид Попов аймахтарын кытта кэпсэ­тэн, үбүлүөйү, күрэстэри ыытарга бииргэ үлэлэһэргэ кэпсэттибит.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0