5000 солкуобайы муус устартан биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:
Владимир Путин Ийэ хапытаалын ылар бырааптаах, 3-гэр диэри саастаах оҕолоох ыалларга бэриллиэхтээх 5 тыһыынча солкуобайы номнуо муус устар 1 күнүттэн төлүүргэ сорудахтаата. 

Төлөбүрү 3 ый устата биэриэхтэрэ. Бу көмө федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Бэрэсидьиэн бырабыыталыстыбаҕа бу үлэни ыытарга  тустаах көннөрүүлэри киллэрэргэ сорудах биэрдэ.

Ону тэҥэ, 3-7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы босуобуйаны биир ый эрдэлээн, бэс ыйын 1 күнүттэн төлүөхтэрэ. Эрэгийиэннэр салалталара  туһааннаах дааннайдары ыам ыйын 10 күнүгэр диэри тиэрдэри түргэтэтиэхтэрэ. Санатар буоллахха, 3-7 саастаах оҕолорго босуобуйаны кыаммат (биир киһиэхэ тиксэринэн тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах) ыаллар ылар бырааптаахтар. Босуобуйа кээмэйэ — Саха сиригэр 8900 солкуобай. 

Оттон СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бу көмөнү ылаары сайабылыанньа биэрэргэ e-yakutia.ru порталы туһаныҥ диэн ыҥырар. Туох баар социальнай босуобуйалар кэмигэр бэриллиэхтэрэ диэн эрэннэрэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0