1,8 мөлүйүөн оҕоҕо 5000 солкуобай төлөммүт

06.05.2020
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 6 күнүгэр киэһэ Владимир Путин коронавирус эпидемиятын кэмигэр дойду экэниэмикэтин, социальнай эйгэни өйүүр миэрэлэр тустарынан мунньаҕы ыытта. Мунньахха бары миниистирдэр, эрэгийиэннэр салайааччылара кыттыыны ыллылар.

РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков социальнай эйгэҕэ туох миэрэлэр ылыллыбыттарын отчуоттаата. Кини этэринэн, кириисис кэмигэр 3-гэр диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 5-тии тыһыынча солкуобай төлөммүт. Бу маннык төлөбүр 1,8 мөлүйүөн оҕоҕо төлөммүт. Бу төлөбүргэ нолуок тутуллубат, сайабылыанньаны интэриниэтинэн биэриэххэ сөп.

Ону тэҥэ, 2 мөлүйүөнтэн тахса оҕо (3-7 саастаахтар) бэс ыйыттан босуобуйаны ылан барыахтара. Босуобуйа кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа, Саха сиригэр ол 8,6 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Сайабылыанньаны эмиэ gosuslugi.ru портал нөҥүө, эбэтэр Элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр, социальнай управлениелар нөҥүө биэриэххэ сөп.

65-рин ааспыт дьон “больничнайга” барыылара судургутуйбута. Маннык ньыманан 16 миллиард солкуобай суумалаах 1,3 мөлүйүөн “больничнай” бэриллибит. Кулун тутар 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо босуобуйа кээмэйэ үрдээбитэ. Ону тэҥэ, кинилэргэ сокуоннай сааһын ситэ илик хас биирдии оҕотугар 3 тыһыынча солкуобай эбиллэр. 1,2 мөлүйүөн үлэтэ суох дьоҥҥо 1,8 миллиард солкуобайдаах суумаҕа босуобуйа бэриллибит.

Түмүккэ Владимир Путин Котяковка ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии сылдьар социальнай үлэһиттэргэ болҕомтону уурарга ыҥырда.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0