“Арассыыйаҕа кыһыҥҥы харбааһын федерацията” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ ааспыт сыл ахсынньы 29 күнүгэр “Закаленная Россия – здоровая страна” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаны тэрийдэ. Бу күн кыһыҥҥы харбааһыны сэргээччилэр уонна чөл олоҕу тутуһааччылар Камчаткаттан саҕалаан, Калининградка тиийэ уо.д.а. бэйэ-бэйэлэригэр эстафетаны бэрсэн, акыйааннарга, муораларга, өрүстэргэ, үрэхтэргэ киирэн харбаатылар, тымныы ууга умсаахтаан ыллылар.
edersaas.ru
Ити тэрээһини Николай Софронеев салайааччылаах ““Саха моржи” кыһыҥҥы харбааһын кулууба” уопсастыбаннай тэрилтэ эмиэ өйөөтө.
Саха сирин күүстээх санаалаах моржалара таһырдьа 50 кыраадыс турдаҕына, ойбоҥҥо умсан ыллылар. “Саха моржи” тэрилтэҕэ элбэх киһи баар эрээри, бу эппиэтинэстээх күҥҥэ саамай уопуттаах уонна бэлэмнээх дьон: Николай Софронеев, Раиса Маркова, Марианна Карсанаева, Михаил Сидоров, Анатолий Иванов, Иван Местников кытыннылар. Кинилэр саамай намыһах кыраадыска сөтүөлээн, аан дойду рекордун олохтообуттара саарбаҕа суох.
Доруобуйаны чэбдигирдии бу көрүҥэр ыччаты кытыннарар, эти-сиини чэбдигирдэргэ уһуйар туһуттан маннык аахсыйаны сыл аайы ыытарга быһаардылар.
“Саха моржи” уопсастыбаннай тэрилтэ маннык маассабай харбааһыны аан бастаан “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн саҕалаабыта. Онно кинилэр Дьокуускай куорат 202 микро-оройуонугар 10х15 миэтэрэ иэннээх ойбоҥҥо сөтүөлээн көрдөрбүттэрэ. Биллэн турар, кинилэр тымныы ууга киирэргэ эти-хааны эрчийиини сайынтан саҕалаабыттара.
Холобур, Николай Софронеев оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн саҕалаан, номнуо отуттан тахса сыл сайыннары-кыһыннары ойбоҥҥо умсар. Баҕалаахтар элбэхтэрин уонна дьону-сэргэни маассабай спорка тардар туһуттан уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбиттэрэ. Инньэ гынан, билигин 40-тан үөһээ саастаах (саамай аҕалара 58 саастаах), 16 чилиэннээх “Саха моржи” өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойдуга тиийэ биллэр буолла. Франция, Япония уо.д.а. дойдулар, “Мир” ханаал, ону сэргэ, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл кыттыылаахтара сөҕөн-махтайан, хаамараҕа устан киэҥ араҥаҕа таһаардылар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru