5 тыһыынчаттан тахса социальнай үлэһит баар

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 8 күнүгэр Арассыыйаҕа Социальнай үлэһит күнэ бэлиэтэнэр. 1701 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Петр I кыамматтарга, кырдьаҕастарга анаан бастакы судаарыстыбаннай богадельняны арыйар туһунан уураахха илии баттаабыта.

Арассыыйаҕа да, Саха сиригэр да судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир сүрүн хайысхатынан социальнай эйгэ буолар. Оҕолоох дьиэ кэргэттэри, аҕам саастаах дьону, инбэлииттэри өйүүр, көмөлөһөр үлэ-хамнас судаарыстыба таһымыгар ыытыллар.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хааччыйыы систиэмэтигэр 89 тэрилтэ үлэлиир. Манна 5 тыһыынчаттан тахса үлэһит социальнай өҥөлөрү оҥороллор. Оттон 300 тыһыынчаттан тахса киһи араас социальнай көмөнөн туһанар.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата демографическай уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр улахан болҕомтотун уурар. Быйыл социальнай көмө бырагыраамаларыгар барыта 36 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах үп көрүлүннэ. “Демография” национальнай бырайыак “Оҕо төрөөтөҕүнэ, үбүнэн көмөлөһүү” эрэгийиэннээҕи бырагырааматыгар – 6,3 миллиард солкуобай, “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырагыраамаҕа – 775,8 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Кэнники үс сыл иһигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр үп-харчы кээмэйэ 4 төгүл улааппыт.

Социальнай үлэһиттэр – ураты дьон. Кинилэр үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх, тулуурдаах, эппиэтинэстээх, идэлэригэр бэриниилээх буолан, дьоҥҥо көмөлөһөр, олохторун чэпчэтэр, уопсастыбаҕа туһаны аҕалар аналлаахтар. Бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, тулаайах оҕолорго, элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга – көмөҕө наадыйар дьоҥҥо барыларыгар илиилэрин ууналлар, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли саҕаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0