Биэс тыһыынча ыал социальнай хантараагынан туһаныаҕа

Бөлөххө киир:

2020 сыллаахха 6601 дьиэ кэргэҥҥэ 299,3 мөлүйүөн солкуобай суумалаах социальнай хантараак чэрчитинэн судаарыстыбаннай көмө оҥоһуллубут. Быйылгы сылга бу көмө суумата үрдээн, 607,1 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. 5 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак, ол иһигэр үлэни көрдөнүүгэ – 354 ыалга, урбааҥҥа – 1050, бэйэ хаһаайыстыбатын тэриниигэ – 601, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга – 2919 ыалга көмө быһыытынан бэриллиэҕэ.

Арассыыйа бырабыыталыстыбата олохтообут быраабылаларынан, эбии биир саҥа хайысха — “үлэни көрдөнүү” киирэн биэрдэ. Бу чэрчитинэн, үөрэниэххэ, тэрилтэҕэ стажировкаланыахха сөп. Социальнай хантараак түмүгүнэн кини үөрэнэн баран, үлэни булуута буолар, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников эттэ.

Ону тэҥэ, “урбаанньыт үлэтин тэрийии” уонна “бэйэ хаһаайыстыбатын тэринии” хайысхаларынан социальнай хантараагынан туһаммыт дьон эбии үөрэнэллэригэр ылбыт харчыларын туһаныахтарын сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0