Бүгүҥҥү ыалдьыт — Ыччат министиэристибэтин үлэһитэ Василий Данилов.
«Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
— Таатта улууһун Чымнаайы нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Чымнаайытааҕы саха тылын уонна саха култууратын дириҥэтэн үөрэтэр Бэс Дьарааһын аатынан ааптарскай оскуолаҕа алын кылааска үөрэммитим. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан улуус киинигэр, Ытык Күөлгэ көһөн киирбиппит. Онно музыкальнай оскуолаҕа художественнай кылааһы туйгуннук үөрэнэн бутэрбитим. Тохсус кылааска Тааттатааҕы техническэй лицейгэ үөрэнэ киирэн, черчение, математика, физика курдук сүрүн предметтэри чиҥэтэн, дириҥник үөрэппиппит. Уруһуйдуур дьоҕурдаах буоламмын, үөрэҕим кэнниттэн архитектурнайга туттарсар баҕалаах этим. Ол чэрчитинэн, 2003 сыллаахха эксээмэн туттаран, Красноярскайдааҕы архитектурнай академияҕа киирбитим. Үс сыл олус үчүгэйдик үөрэммитим. Ол үөрэнэр кэммэр кэргэммин, олоҕум аргыһын көрсүбүтүм. Үөрэнэ сылдьан үлэлиирим. Үөрэҕи уонна үлэни аттарар улахан куоракка кэккэ ыарахаттардаах буолан, уопсай сүбэнэн дойдубутугар көһөргө быһаарыммыппыт, Саха судаарыстыбаннай университетыгар көһөргө күһэллибиппит. 2006 сыллаахха көһөн кэлбиппит, ол кэлэн инженернэй-техническэй факультекка эбии эксээмэн туттаран үөрэхпин саҕалаабытынан барбытым. Кэргэним Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэ киирбитэ. 2010 сыллаахха иккиэн үөрэхпитин бүтэрбиппит.
— Устудьуоннуу сылдьан тутуу этэрээтигэр аан маҥнай хайдах кэлбиккин кэпсээ эрэ.
— Эдэр ыал буоларбыт быһыытынан, олохпутугар ыарахаттары көрсөрбүт. Дьоммун, дьиэ кэргэммин аһатыахпын наада этэ. Куруусчутунан даҕаны үлэлии сылдьыбытым, араас үлэни барытын боруобалаабытым. Арай биир үтүө күн биллэрии көрө олороммун, «ыччат наада, тимир гарааһы мууһун көйөн оруур үлэ баар» диэн биллэриини көрдүм. Төлөпүөн нүөмэрэ баарыгар эрийдим, онуоха икки чааска бу аадырыска кэлээр диэн мэрияны ыйдылар. Биллэриинэн тиийбитим, куораттааҕы ыччат тэрилтэтин бырабылыанньатын салаата буолан биэрдэ. Георгий Куркутовтаах араас хайысханан ыччаты үлэлэтэ олороллор эбит. Бу санаатахпына, ол саҕана ыччат улахан көҕө суох эбит. Онон Георгийдаах араас ньыманан ыччаты бэйэлэригэр тардан түмпүттэр эбит. Кинилэр «За чистый город» диэн акция тэрийэ сылдьаллар этэ.Дьэ онтон саҕаламмыта, тутар этэрээттэргэ үлэм. Мин тиийиибэр, тутар этэрээт үлэтэ саҕаламмыта ырааппыт этэ эрээри, олох чиҥник атаҕар тура илик кэмэ этэ. «За чистый город» диэн акцияҕа киирсэммин, биир дойдулаахтарбын, бииргэ үөрэнэр оҕолорбун мунньан, бэйэм этэрээт тэринэн үлэбитин саҕалаабытынан барбыппыт. Дьокуускай куорат бөҕүн-саҕын ыраастыыбыт, ол үлэбит түмүгүнэн мин хамаандам «Бастыҥ этэрээт» диэн үрдүк ааты сүгэри ситиспитэ. Онтон тирэҕирэн, ыччаты түмүөхпүн сөп эбит, үлэ тахсыыһык диэн санааттан 2007 сыл сааһыттан Гаврил Семеновтыын билсэн, тутар этэрээт үлэтэ хайдах сөпкө барыахтааҕын туоһулаһан, сүбэ-ама ылан «Файтерс» диэн 15 киһилээх этэрээт тэриммиппит. Ол саас дойдубун Чымнаайыны уу ылбыта, онно дуогабар түһэрсэн саҥардар сыаллаах-соруктаах үлэлии тахсыбыппыт. Кэргэним эмиэ хамаандабар киирсэн, поварынан үлэлэспитэ. 2009 сыллаахха СГУ штабын салайааччыта буолбутум. 2009 сыллаахха биһиги үлэлиир кэммитигэр Софрон Попов салайааччылаах бастакы этэрээт Сочига үлэлии барбыта. Үөрэхпин 2010 сыллаахха бүтэрэбин уонна Ыччат министиэристибэтигэр миэстэ тахсан министиэристибэҕэ үлэҕэ киирэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамныы сылдьабын.
— Үлэһит киһи дьиэҕэр көстөн ааһарыҥ ахсааннаах буолуо? Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.
— Дьиэбэр көстөрүм чахчы аҕыйах. Кэргэним омугунан тувинка, икки оҕолоохпут. Кэргэним сахалыы саҥарар, өйдүүр. Оҕолорум сахалыы саҥараллар, өйдүүллэр, уолум сахалыы оҕо саадыгар сылдьар.
— Спордунан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын? Эйигин ыйааһынын биллэ түһэрбит дииллэр. Ол чахчы дуо?
— Урут спордунан олох дьарыктаммат этим. Наар ыксал- тиэтэл. Сарсыарда эрдэ туран аһаабакка бараҕын, киэһээ хойут утуйаргар кэлэҕин. Сыыһа-халты аһааһын ханна барыай? Ол сылдьан доруобуйабын сатарыппыт эбиппин. 2014 сыллаахха доруобуйабын бэрэбиэркэлэппитим. Кыайан түргэнник хаампат, сиһим ыалдьар буолбута, тыынарым-хамсанарым ыараан киирэн барбыта. Бэйэм сааспар сөбө суох туруктаммытым. Тиийэн көрдөрбүппэр, быраастар ис уорганнарыҥ сыанан бүрүллүбүттэр диэн соһуппуттара. Сирэйим кубархай, хааным анаалыһа куһаҕан этэ. Бу маннык туруктаах олоххун салҕаатаххына, сиэттэргин көрөр дьолуҥ суох буолсу, сүрэҕиҥ тохтоон өлүөҥ диэбиттэрэ (кулэр). Онуоха эмтээҥ, эпэрээссийэлээҥ диэбиппэр, барыта бэйэҥ илиигэр баар, доруобуйаҕын бэйэҥ көннөрөр кыахтааххын диэн баран ааны сабан кэбиспиттэрэ.
— Эн санааҕар уларыйыы баар дуо?
— Спорт дьайыыта улахан. Киһи үлэлиирин тухары стресс син биир ылар, сылайар, ньиэрбинэйдиир. Онтон спортзалга тиийэн баран ол туһунан умнан, дьарыктанаҥҥы, туох баар куһаҕаҥҥын барытын саалаҕа хааллараҕын. Тас көрүҥүҥ, доруобуйаҥ, настарыанньаҥ барыта көнөр. Ону кытта тэҥҥэ бэйэҥ оҕолоруҥ, аймахтарыҥ, бииргэ үлэлиир дьонуҥ сыһыаннара уларыйар, тулалыыр эйгэҥ тосту тупсар, сырдыыр эбит. Бастаан спортсаалаҕа тиийэр ыарахан этэ. Саалаҕа киирэрбэр 140 киилэ этим. Дэлби уойан хаалбыппын, тугу да сатаабаппын. Саалаҕа киирбитим. арай кыраһыабай баҕайы кыргыттар, уолаттар сылдьаллар. Мин хайдах манна кэлэн хааллым диэн сонньуйа санаабытым. Тугу да сатаабат этим, сатаан сүүрбэппин даҕаны. Бэлисипиэккэ олорон нэһиилэ тэбэбин эрэ. Биир сыл устата дьарыктанан ыйааһын бөҕөтө бырахпытым, тиэхиньикэтин билбитим. Социальнай ситим нөҥүө спордунан дьарыктанарбын сырдатар буолбутум, санаабар ыччат көрөн холобур оҥостуо диэн. Онтон кэргэним, үөлээннээхтэрим тэҥҥэ сылдьар буолбуттара. Онон спорт саала элбэҕи биэрдэ. Билигин нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанабын, кардио-сүүрүүгэ үстэ, тимири, штанганы кытта үстэ улэлиибин. Ол быыһыгар кыралаан хапсаҕайы, тутум эргиири боруобалыыбыт. Дьон үксэ «бириэмэ суох» диэн этэр. Оннук буолбатах, баҕалаах буоллаххына, бириэмэ хаһан баҕарар баар, киһи баҕарар дьарыгар бириэмэ булар эбит. Спордунан дьарыктанар дьон мин этиибин бигэргэтэллэр. Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын «Азия оҕолоро» оонньуулар чэрчилэринэн, оҕолору, ыччаты, нэһилиэнньэни спорка угуйар бэлиитикэтэ дьэ, сайдан эрэр дии саныыбын. Хас хардыы аайы спортсаала, усулуобуйа барыта баар, баҕалаах эрэ буолуохха наада.
— Сарсыарда эрдэ бараҕын, киэһээ хойут кэлэҕин, онтуҥ дьиэ кэргэҥҥэр ыараханнык дьайбат дуо?
— Өрөбүллэрбин дьиэ кэргэммэр аныыбын. Аны бултуурбун, балыктыырбын сөбүлүүбүн. Эр киһи дьиэҕэ сыппакка бултуохтаах, үлэлиэхтээх, сүүрүү-көтүү үөһүгэр сылдьыахтаах дии саныыбын. Онон ыччакка этиэм этэ: дойдугутугар бэриниилээх буолуҥ, өбүгэлэргит үгэстэрин ытыктааҥ, үлэлиир үлэҕитин суобастаахтык толоруҥ, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттыһыҥ, доҕотторгутун сыаналааҥ, күнтэн-күн саҥаны билэ-көрө сатааҥ, чөл олоҕу тутуһуҥ, спордунан дьарыктаныҥ!