45 тыһыынча киһи босхо эминэн хааччылынна

Бөлөххө киир:

Ковидынан ыалдьыбыт дьоҥҥо анаммыт эмп-том өрөспүүбүлүкэҕэ тиэллэн кэллэ. Бу иннинэ РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин коронавируснай инфекциянан ыалдьыбыт, дьиэҕэ олорон эмтэнэр дьону босхо эминэн хааччыйар туһунан ыйаах таһаарбыта, онно бырабыыталыстыба хаһаас пуондатыттан 5,1 миллиард солкуобай анаммыта.

Саха сиригэр ити үптэн барыта 57,3 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыбыт. Дьиэҕэ олорон эмтэнэр дьоҥҥо быраас ырыссыабынан босхо эмп бэриллэр.

Бу кэлбит эмп суол-иис сабылла илигинэ өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар түҥэтилиннэ. РФ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ бигэргэппит методическэй ыйынньыктарыгар олоҕурбут эмп-томп хасааһа баар буолла.

Билиҥҥи туругунан, 45 тыһыынчаттан тахса киһи дьиэҕэ олрон эмтэнэллэригэр босхо эминэн хааччыллыбыттара. Бу эмп өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бүддьүөт суотуттан төлөммүтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0