Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбитигэр «Дьоруой Ийэ» бэлиэни ылбыт уон уонна уонтан тахса оҕолоох 14 ийэни чиэстээтибит. Кинилэр ортолоругар Чурапчы улууһун Мындаҕаайы с. төрүттээх, 42 саастаах Любовь Егоровна Ильина баар.
edersaas.ru
Любовь уонна Андрей Ильиннэр 1994 с.ыал буолбуттара. Билигин уон оҕолоох, Мындаҕаайы с. тус хаһаайыстыбалаах, үлэни-үөрэҕи өрө туппут, үтүөкэн оҕолордоох сис ыалынан биллэллэр.
Оҕону ууттан быыһаабыта
— Любовь Егоровна, эһиги бэйэҕит эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибиккит дуо?
— Кэргэним төрөппүттэрэ Елена Харлампьевна уонна Андрей Ильич икки оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэрэ. Андрейым эдьиийэ Анна Яковлева Өктөмҥө олорор, уоллаах кыыс оҕолоохтор. Оттон мин 3 уоллаах уонна 4 кыыстаах Февронья уонна Егор Кожуровтар дьиэ кэргэттэригэр алтыс оҕонон төрөөбүтүм.
— Ыал буолан баран, элбэх оҕолонор баҕа санаалаах этигит дуо?
— Кэргэним хара маҥнайгыттан элбэх оҕолонуон баҕарбыта. Мин бэйэм бастакы уолбун төрөтөн баран, кырачаан киһи минньигэһин билэн, инникитин өссө да оҕолонорго бигэтик санаммытым. Биһиги саныырбытынан, айылҕа бэйэтэ көрөн биэрэр.
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Ууга түспүт киһини быыһааһын иһин» мэтээли ылбыт эбиккин.
— Оччолорго Чурапчы улууһун Дириҥ с.олорбуппут. 1985 с. сайын этэ. Үгэс курдук, атын оҕолору кытары сөтүөлүү барбыппыт. Ол күн бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыы кыргыттар бааллара. 3 дуу, 4 дуу саастаах балтылара ууга киирбитигэр бастаан болҕомтобун уурбатаҕым. Онтон арай кыыһым чалбааттан да чалбааттан буолан барбыта. Ону көрөөт, дьэ өй ыламмын, ууга ыстаммытым уонна атын оҕолордуун кыыспытын ууттан таһаарбыппыт. Кыысчааммыт сөтөлүн да сөтөлүн буолаахтаабыта. Онуоха умса сытыарбыппын уонна көхсүгэр охсуолаабыппын өйдүүбүн. Кыргыттар сотору хомунан дьиэлээбиттэрэ. Оттон биһиги хаалан, бириэмэни да билбэккэ салгыы сөтүөлээбиппит. Дьиэбэр хаһан да мөхпөт бэйэлэрэ, ол киэһэ миигин сүтэрэн кэбиһэннэр, мөҕүллэммин «муннукка туруоруллубутум». Буруйбун боруостуу турдахпына, били кыргыттарым ийэлэрэ аҕабын кытары дьиэҕэ киирэн кэлбиттэрэ. Аҕам утары хааман кэлэн: «Оҕобун сыыһа мөхпүппүн», – диэн баран минньигэс бэйэлээхтик сыллаан ылбыта. Кыргыттар ийэлэрэ үрүт- үөһэ махтан да махтан буолаахтаабыта уонна кэһиитин биэрбитэ. Билигин санаатахпына, кыыс оҕо сабыс-саҥа былаачыйатын уонна баттахха иилиллэр лиэнтэ-бантигы хантан ыла охсубута буолла? Өссө атын кэһиитэ элбэх этэ да, кыыс оҕо буолан, ол дьэрэкээн былаачыйаны эрэ өйдөөн хаалбыппын.
Ийэм алгыһа көмөлөһөр
— Эн санааҕар, дьахтар дьоло туохханый?
— Оҕолоругар буоллаҕа. Таптыыр кэргэн өйөбүлэ, оҕолор чэгиэн-чэбдик сылдьаллара, үөрэхтээх, үлэһит буолаллара ийэ киһини дьоллуур.
Улахан уолбут Андрей ХИФУ физико-техническэй институтун быйыл бүтэрэн, аармыйаҕа ытык иэһин толоро сылдьар. Иккис уол Алексей аармыйа кэнниттэн ССТХА бэтэринээр идэтигэр 3-с кууруска үөрэнэр. Улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан психолог буолуон баҕарбыта уонна: «Бу үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, психолог идэтигэр син биир тутарсыам», – диэн эрэл санаалаах. Александр ХИФУ-га «Ньиэп-гаас дьыалата» отделениены быйыл бүтэрэр. Егор быйыл оскуоланы бүтэрэн, автомеханикка үөрэнэ сылдьар. Эһиил үөрэҕин үрдэтинэн, ыксаллаах быһыы-майгы үлэһитэ буолуон баҕарар. Маша 10-с, Арсен 8-с, Алена 7-с, Вера 5-с кылаастарга үчүгэйдик үөрэнэллэр. Кинилэр, эмиэ убайдарын курдук, биридимиэттэринэн олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, спорт күрэхтэһиилэригэр, айар дьоҕур куонкурустарыгар биһирэнэллэр, ситиһиилэнэллэр. Кыраларбыт Афоня уонна Август алта саастаахтар, игирэлэр.
Улахаттарбытын оҕо уһуйааныгар сырытыннарбатахпыт. Ол иһин, кыраларбытын эмиэ бэйэбит үөрэтэбит. Оҕолорбут ситиһиилэринэн киэн туттабыт.
— Аҕаҕыт оҕолоругар үтүө холобуру көрдөрөр тутаах киһигит буолуохтаах.
— Аҕабыт биһиги саамай тутаах киһибитинэн буолар. Куруук оҕолорун батыһыннара сылдьан, үлэҕэ, үөрэххэ, булка-аска уһуйар. «Үлэттэн, ыарахантан толлубакка, иннигит диэки баран иһиҥ!» – диэн үөрэтэр.
— Оҕолоргут ханнык бырааһынньыгы, ханнык бүлүүдэни сөбүлүүллэрий?
— Биһиги дьиэ кэргэн олохсуйбут үгэһэ элбэх. Бары күргүөмүнэн сылдьан кыһыҥҥы оттук маспытын бэлэмниибит, сүөһүлэрбит кыстыгы туоруур отторун булунабыт, сир астыыбыт, кылгас сайыны баттаһа сөтүөлүүбүт. Ону сэргэ, сыл аайы хас биирдии оҕо төрөөбүт күнүн, уопсай бырааһынньыктары хайаан да бэлиэтиибит. Оҕолор саамай кэтэһэр, күүтэр бырааһынньыктара Саҥа дьыл. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр маскараат оҥоробут, сыл аайы Гран-при ыланнар, тэҥҥэ үөрэбит-көтөбүт.
Саҥа дьыл түүнэ – оҕолорбут баҕа санааларын толорор үөрүүлээх күн. Оҕолорум бэйэлэрэ астыылларын сөбүлүүллэр. Улахан уолаттар кыра эрдэхтэриттэн бэрэскини, торду уо.д.а. атын аһы барытын буһараллар.
Улахан эппиэтинэһи сүктүбүт
— Дьоруой Ийэ аатын ылыы эһиэхэ туох санааны саҕарый?
— Дьоруой Ийэ буолуу – миэхэ уонна тапталлаах кэргэммэр Андрей Андреевичка тиксибит улахан чиэс-бочуот эрэ буолбакка, дойдубут, норуоппут, Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич иннигэр сүҥкэн эппиэтинэс буоларын өйдүүбүт.
— Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Дьоруой Ийэлэри чиэстээһиҥҥэ төһө долгуйдуҥ?
— «Дьоруой Ийэ» бэлиэни ылар үөрүүлээх күммэр оҕолорбутун барыларын илдьэ кэллибит. «Ийэ Албан аата» мусуойга сылдьан, Прасковья Петровна Борисовалыын уонна бэйэм курдук элбэх оҕолоох ийэлэри кытары көрүстүбүт. Бэйэ-бэйэбитин кытары чугастык билистибит. Иккис күммүтүгэр «Арассыыйа историята» диэн саҥа мусуойга сылдьан, оҕолорбут үөрэн-көтөн, элбэҕи билэн-көрөн тахсыбыттарыттан үөрэбит. Наҕараадабын ыла тахсан баран олус долгуйан, харда тылы кыайан эппэтим. Биэчэр кэнниттэн Егор Борисов уонна Дьоруой ийэлэр чэй иһэ-иһэ атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Онно даҕаны махталбын уонна баҕа санаабын кыайан эппэккэ хаалбыппыттан, билигин хомойо саныыбын.
— Дьиэ кэргэн олоҕор туох ыарахаттары көрсөҕүт?
— Дьиҥэр, кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Оҕолор таҥастара-саптара наһаа ыарахан сыаналаах. Оҕолорбут оскуола ыытар дьаһалларыгар баралларыгар-кэлэллэригэр үксүгэр кылаас салайааччылара бэйэлэрэ уйунан илдьэ бара сатыыллар.
— Ыра санааҕыт?
— Биһиги оҕолорбут үөрэхтээх дьон буолан, саха норуотугар туһалаах уонна төрөппүттэрин ааттатар дьон буолалларыгар баҕарабыт.
Түгэнинэн туһанан, биһиги дьиэ кэргэн махтал тылларбытын нэһилиэкпит баһылыга Анна Флегонтоваҕа, улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах харыстабылын исписэлииһэ Татьяна Бушковаҕа, аймахтарбытыгар, чугас олорор ыалларбытыгар, аҕабыт биир кылааска үөрэммит оҕолоругар тириэрдэбит.
Ил Дархаммыт Егор Борисов, СӨ бырабыыталыстыбата норуот туһугар ыытар бэлиитикэлэрин, саҥа киллэриилэрин, үөрэ-астына көрөбүт.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туһугар уҕараабат кыһамньыгыт иһин улахан махталбытын тиэрдэбит. Барыгытыгар олох бары кэрэтин, үтүөтүн, сырдыгын аныыбыт.
Сэмсэ тыл:
Анна Пермякова, СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэ дьиэ кэргэн уонна демография бэлиитикэтин отделын салайааччытын солбуйааччы:
— Ильиннэр олус түмсүүлээх ыаллар. Бу күннэргэ Дьокуускайга ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ, көрсүһүүлэргэ бары бииргэ сырыттылар. Үөрэххэ ситиһиилэрин киһи үөрэ-көтө бэлиэтиир. Кинилэр бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаахтар, биир саастыылаахтарыгар холобур буолаллар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ