4000 олохтоох дьон — алмааска

Бөлөххө киир:

«Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 2018 сылга алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэҕэ киирбит 6 727 киһиттэн 4 000 Сахабыт сирин улуустарыттан төрүттээхтэр. Онон СӨ Дьарыктаах буолуу киинэ «АЛРОСА» хампаанньаҕа ааспыт сыл түмүгүнэн «Бастыҥ үлэ биэрээччи» ааты иҥэрбит.

edersaas.ru


Быйыл Мииринэй куоракка ыытыллыбыт «АЛРОСА» хампаанньа хаһаайыстыбаннай актыыбын сыллааҕы мунньаҕар, өрөспүүбүлүкэ тоҕус ­улууһугар 2018 сылга 114,6 мөлү­йүөн солкуобайга көмө оҥоһуллубут диэн иһитиннэрдилэр. Алмаастаах түөлбэ улуустарын кытта дуогабар түһэрсэн, Ньурба улууһун социальнай-экэнэмии­чэскэй сайдыытыгар 2019 сылга 324,8 мөлүйүөн сол­куобайы, Өлөөҥҥө биэс сыл тухары 100-түү мөлүйүөнү ыытыахтара.

Хампаанньа үлэһиттэрэ дьиэ атыылаһалларыгар ипотека бырыһыанын төлүүргэ компенсация харчыта бэриллэн, маннык чэпчэтиинэн былырыын 340 киһи туһаммыт. Кинилэр ахсааннара сыл ахсын эбиллэн иһиэхтээх. Ону таһынан, алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээннэрэ Орловскай уобаласка кэтэх дьиэлэринэн хааччыллыбыттар.

2018 сылга үлэһиттэр, бэтэрээннэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ соҕуруу баран доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр уонна сынньалаҥнарын тэрийэргэ хампаанньа 880 мөлүйүөн солкуобайы ороскуоттаабыт. Култуура уонна успуорт эйгэтин өйүүргэ биир сылга 1,5 миллиард үп туттуллубут.

Биллэрин курдук, 2018 сыл ортотугар олохтоох бүддьүөккэ кириисис үөскүү сылдьыбытыгар, «АЛРОСА» эбии дивиденд харчытын төлөөн быыһаммыппыт. Онон, быраастар, учууталлар, култуура үлэһиттэрэ үрдэтиллибит хамнастарын, оскуола, балыыһа тутуутун алмаастаах хампаанньа хааччыйар.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0