40 тыһыынча оҕоҕо төлөбүр бэриллиэҕэ

Бөлөххө киир:

Муус устар ыйтан бүддьүөт үлэһиттэригэр бэрэсидьиэн ыам ыйынааҕы ыйааҕар киирбэтэх “атын” категориялаах дьон хамнастара үрдүөхтээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу боппуруоска уонна 8-15 саастаах оҕолорго төлөбүрдэри биэриигэ нуорма-быраап докумуоннарын бэлэмнээһин үлэтэ барар. Бу оҕолорго төлөбүрү кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр ылыахтара. Саха сиригэр 40 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо 6 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ.

Ил Дархан Айсен Николаев бу уустук кэмҥэ нэһилиэнньэҕэ көмө, эминэн хааччыйыы боппуруостарын тула бырабыыталыстыбаҕа мунньах ыытта.

— 8-15 саастаах оҕолорго төлөбүр кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр. Төлөбүр кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр. Бу кээмэйэ дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарыттан көрөн, олохтонор. Харчы Биэнсийэ пуондатын нөҥүө бэриллэр. Бу көмө миэрэтэ эрэгийиэннээҕи диэн буолар, онон федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэртэн үбүлэнэр.

Билигин биһиги төһө үп ирдэнэрин ааҕан-суоттаан көрдүбүт. Быһа барыллаан, 40 тыһыынча оҕоҕо 6 миллиард кэриҥэ солкуобай бэриллиэҕэ. Бу кыаммат дьиэ кэргэттэр бүддьүөттэригэр төһүү күүс буолар, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова мунньах түмүгүнэн суруналыыстарга кэпсээтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0