Биир доҕорбут эдэр сааһыгар уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта… Көмпүүтэр эйгэтин биэс тарбах курдук билэрэ, биһиэхэ тугу билбитин хайаан даҕаны сырдатара. Биһигини, доҕотторун, барыбытын биирдии-биирдии “Вконтакте” регистрациялаан, ол саҕанааҕы интэриниэт эйгэтин баһылаабыт киһи этэ. Социальнай ситимнэр саҥа сайдан эрдэхтэринэ «Вайбер» сыһыарыы диэн баара, кэнники батсаапка баһыйтаран симэлийэн хаалбыта. Дьэ, ол «Вайберга» киирэн доҕоттору кытары араас стикердарынан, смайликтарынан суруйсуу бөҕө буоларбыт.
Күһүн сэбирдэх саһарыыта доҕорбут барахсан сырдык тыына быстан суох буолбута…Ыраахтан чугастан доҕотторо хомуллан тиһэх суолугар атаарбыппыт. Дьиктитэ диэн сарсыарда морга илдьэллэрин саҕана, ыраах кэргэнин дойдутугар сылдьар кырачаан уолчаана таһырдьаттан киирэр ааҥҥа сүүрэн тиийэн “паапаа” диэбитин дьиэлээхтэр соһуйа истибиттэр. Дьоно, төрөппүттэрэ «наһаа ыраах суол куһаҕан» диэн дойдутугар таһаарбатахтара. Куорат кылабыыһатыгар кистээбиппит. Ол түүн кэргэнин түүлүгэр киирэн «дьиэҕэ кэтэр таҥаспын тоҕо биэрбэтиҥ» диэбит. Кэргэнэ «кырдьык дьиэҕэ кэтэр таҥас ыыппатах эбиппин» диэн онно өйдөөбүт. Түөрт уон хонугар таҥастарын барытын уматан ол дойдуга «ыыппыта».
Аны туора сиргэ көмүллүбүтүн сөбүлээбэккэ дуу, дьоно наһаа аймаммыттарын иһин эбитэ дуу, тоҕус хонугар дойдутугар дьиэтин иһигэр араама иһигэр турбут хаартыската соһуччу сиргэ түһээт хампы ыстанан ийэтэ дэлби куттаммыт этэ. Аны түөрт уон хонугун ылан баран бары тарҕаспыппыппыт кэннэ түүн утуйа сытар кыра уоллара эмискэ баҕайы ытаан киирэн барбыт. Тохтоло суох иэрийэ-иэрийэ оҕо ытыырыттан, аттынааҕы ыаллара батареяны тоҥсуйан барбыттар. Ол гынаары оҕо эмискэ ытыыра ах баран, утуйан хаалбыт. Оҕотун утутан баран кыыс төлөпүөнүн көрө сытан бэрт дьиктигэ түбэһэр. Били өлбүт кэргэнэ «Вайберын» ситимигэр, соторутааҕыта онлайн киирэ сылдьыбыт диэн көрдөрөр. Чаһыны көрбүтэ — били оҕото ытаабыт кэмигэр сөп түбэһэр. Оттон төлөпүөнүн хоруопка уган ыыппыттарын мин билэрим, ол гынан баран кини аккаунугар ким киириэй? Ол саҕана нэһиилэ бэлэми тутуннахпытына баһыыба дьон буоллахпыт. Дьоно дэриэбинэҕэ, чугас доҕотторо даҕаны, бииргэ үлэлиир дьоно даҕаны хайдах даҕаны киирбэт буоллахтара.Ол кэннэ кэргэнэ дьиктилэри көрбүтүн-истибитин кэпсээбиттээх: утуйа сыттаҕына дөрүн-дөрүн көстүбэт киһи кууһарын, хаста даҕаны киһи моһуоннаах күлүк дьыбааҥҥа олорорун көрбүтүн, дьиэ иһигэр өрүү туох эрэ атын тыаһы, көрүдүөргэ киһи хаамарын истибитин туһунан. Оттон доҕорбут ыарахан ыарыынан ыалдьан баран ДСК-аҕа олорор дьиэтин аһаҕас балконугар мэкчиргэ кэлэн түспүтүн дьиибэргии кэпсээбитэ. Тыа көтөрө куоракка, ону ааһан дьон олорор дьиэтин балконугар түспүтэ эмиэ дьикти дии. Уһаабатын түүйдэҕэ…
edersaas.ru