37 сыл ааста. “Хаарыан хампа…” син-биир ыҥырар, угуйар…

Бөлөххө киир:

Олунньу 8-17 күннэригэр  Южно-Сахалинскайга “Азия оҕолоро”  Норуоттар икки ардыларынааҕы I Кыһыҥҥы оонньуулар ыытыллалларын билэн олордоххут.


Бу, 20-тэн тахса араас омук дойдутуттан 1300-тэн тахса эдэр спортсмен  кыттыылаах улахан күрэхтэһии, биллэн турар, киэҥ, эгэлгэ култуурунай бырагыраамалаах буолара эрэбил. Онуоха кыттыыны ыла, Сахалин уобалаһын дьаһалтатын анал ыҥырыытынан, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра “Хаарыан хампа күөх кытылым” аатырбыт испэктээгин илдьэ бараары сылдьар. Онон, бу күннэргэ бэлэмнэнии үгэнэ.

Биир бэлэмнэнии иннинэ, тыйаатыр саалатыгар мустубут Саха тыйаатырын, Олоҥхо тыйаатырын, итиэннэ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарын, “Гулун” ансаамбыл артыыстарын кытта көрсүһүүтүгэр СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, режиссер Андрей Борисов, ордук эдэр көлүөнэҕэ анаан, бу испэктээк суолтатын, оруолун туһунан санаатын үллэһиннэ. Өскөтүн билигин, ол 1982 сылтан саҕалаан, “Хаарыан хампаҕа…” иккис-үһүс көлүөнэ артыыстар оонньуу сылдьалларын бэлиэтээтэххэ, Андрей Саввич эдэрдэри арчылаата-алҕаата да диэхпитин сөп.

Чахчы даҕаны, “Хаарыан хампа күөх кытылым” сценаҕа айар уһун үйэлэниитэ – бу тыйаатыр эрэ буолбакка, саха норуотун барыбыт киэн туттуубут буолар.

Оттон быйыл, театральнай марафон кэмигэр ыытыллар “Федерация” театральнай бэстибээл чэрчитинэн, Чечня Өрөспүүбүлүкэтин театральнай диэйэтэллэрэ чуолаан “Хаарыан хампа…” испэктээги ыҥырбыттар. Арассыыйа СТД-та эмиэ бу испэктээги ыытарга этии киллэрэр.

“Онон, Кавказтан Сахалиҥҥа тиийэ, Чуумпу акыйаантан — Балтика муоратыгар, Владивостоктан Калининградка тиийэ бу барыта — биһиги барыбыт “хаарыан хампа күөх кытылбыт”! — диир биллиилээх режиссер.

Санаан да көрүҥ. Чуолаан Тыйаатыр сылыгар кэлэктиип бу испэктээгин ала-чуо Сахалиҥҥа – айымньы үөскээбит сиригэр-уотугар илдьэн олохтоохторго көрдөрөрө – бу дьикти уонна кэрэ-бэлиэ түгэн.  Нивх омук суруйааччыта Владимир Санги бу айымньы сюжетын Киргизия норуодунай суруйааччыта, тыыннааҕар аан дойду литературатын классига буолбут Чингиз Айтматовка бэлэхтээтэҕэ, онно олоҕуран кини “Пегий пес, бегущий краем моря” сэһэнин суруйдаҕа, оттон бу сэһэнинэн Саха тыйаатыра, режиссер Андрей Борисов “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээги туруордаҕа.

Андрей Саввич кэпсээнин истэ олорон, билигин биһиги, 37 сыл ааспытын кэннэ, маннык уһун үйэлэммит, араас көлүөнэлэринэн сөргүтүллэн, күөдьүтүллэн  тахса турар, тахса турар “Хаарыан хампа…” испэктээк – бу, саха норуотун култууратын инники кэскилин, төлкөтүн быһаарбыт, оннук күүстээх айымньы буолар, диир, чахчы даҕаны, толору бырааптаахпыт. Ол эбэтэр, барыта — бу испэктээктэн саҕаламмыта…

“Норуот кутун-сүрүн, уйулҕатын таарыйбыт испэктээк…”, — диир Андрей Саввич. Ону кытта эмиэ сөбүлэһэҕин. Сахалыы тылбааһын Иннокентий Дмитриев-Сиэн Чолбодук оҥороот да, “Куугунаан кэллэ!”, — диэбит үһү. Кырдьыга да – Каландаришвили уулуссатыгар турар Православнай Христианскай  таҥара дьиэтигэр баар былыргы Саха тыйаатырыгар бу испэктээги аан бастаан 80-с сыллар саҥаларыгар көрбүт дьоҥҥо, биһиэхэ,  харахпытыгар мэлдьи баар – санаабытыгар, улахыын да улахан оҥочо муора долгунугар оҕустаран, салгыҥҥа биэтэҥниир – “Ханнаҕыный, уста сылдьар Улуу Балык-дьахтар?!”, “Ханнаҕытый, кыынньар модун долгуннар?!”…  Симон куолаһа мэктиэтигэр ибигириир курдук… Ханна эрэ Степанида дьикти ырыата иһиллэр… Оттон эрдээччилэрэ, “хаарыан кытылларыгар…” дьулуһар балыксыттар (артыыстар Симон Федотов, Христофор Сметанин, Герасим Васильев…), саамай аччыгыйдарын, Кирискэ уолчааннарын (артыыс Ефим Степанов) туһугар бэйэлэрин олохторун да толук ууралларын кэрэйбэттэр! Бу умнуллубат. Улуу. Ол да иһин испэктээк тыыннаах буоллаҕа.

Испэктээги, бастакы састааптарга итиэннэ артыыстар Афанасий Федоров, Кирилл Семенов, Степанида Борисова, Михаил Апросимов, Домна Уйгурова, Мария Канаева, Прасковья Адамова, Степан Сивцев, Спиридон Игнатьев, Александра Иванова, Василий Апросимов, уо.д.а. саҕаласпыттара. Маассабай сценаларга тыйаатыр артыыстара бары кэриэтэ кытталлара.

“Хаарыан хампа…” турбута үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, 2007 сыллаахха эстэпиэтэни эдэрдэр туппуттара. Ол курдук, тыйаатыр аатыттан кэпсээччи,  ааптар, тиһэҕэр Ойуун – артыыс Айаал Аммосов, Арҕаан – Ефим Степанов,  Кириск – Роман Дорофеев, Мылгун – Иннокентий Луковцев, Эмрайин – Петр Садовников, Кирис ийэтэ – Ильяна Павлова, Мылгун кэргэнэ – Ирина Никифорова, Музлук – Татьяна Макарова, уо.д.а.

Бастакы састааптан тыыннаах ситим — Ефим Степанов – Кирискэ уолчаан,  аны Аткычыах Арҕаан ытык кырдьаҕас оруолун оонньуурун көрөр бэйэтэ эмиэ ураты дьикти түгэн буоллаҕа…

                                                                                               Икки Кирискэ.  Кириск, Арҕаан — Ефим Степанов, Кириск — Роман Дорофеев

Этэллэр ээ, бу сир үрдүгэр буолар туох барыта бэйэтэ эмиэ да сокуоннардаах, эмиэ  да, соһуччу түгэннэрдээх, түбэлтэлэрдээх… Оннооҕор, Борисов бэйэтэ бу айымньыны хайдах быһыыга-майгыга булан, талан ылан, дипломнай испэктээгин тиэмэтэ оҥостубута билигин эмиэ номох кэриэтэ.

Бэйэтэ кэпсиир: “Устудьуоммун. Дипломум тиэмэтин толкуйдуубун… “Ил-18” сөмөлүөтүнэн каникул кэнниттэн Москваҕа көтөн  иһэбин. Красноярскайга тохтоотубут. Саалаҕа хаһыаттардаах-сурунааллардаах долбууру көрөбүн. Брежнев. “Малая земля”, “Целина”… Арай саамай түгэхтэн, кытыыта эрэ көстөр сырдык, оруоһабайдыҥы өҥнөөх сурунаалы тардан  таһаарабын – «роман-газета» эбит.  Чингиз Айтматов. “Пегий пес, бегущий краем моря” сэһэн. Москваҕа тиийиэхпэр диэри ааҕа олорон, бүтүннүү “дьыр” гына түһэбин… Уонна тута өйдүүбүн – манан испэктээк туруоруохтаахпын!”.

Андрей Саввич, эмиэ биир табыгастаах түбэлтэ көмөлөһөн, Геннадий Сотниковы көрсөр…  Тоҕоостоох кэм тосхойон, “Хаарыан хампа…”-нан  Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолаллар…  Сити курдук. Билигин Саха тыйаатырын “оҥочото” аан дойду акыйааныгар таҕыста!

Оттон Сахалиннааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы  А.П.Чехов аатынан театральнай киин сценатыгар тыйаатыр “Хаарыан хампа күөх кытылым”  испэктээгин олунньу 13 күнүгэр – Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ тыл күнүгэр, оонньуоҕа. Бүгүн аны, үһүс көлүөнэ артыыстар ылсан эрэллэр…

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 

Сүрүн хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0