36 ойуур баһаара умуруорулунна

Бөлөххө киир:

От ыйын 12 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 15 841 га иэннээх 36 баһаар  Уус Алдан, Томпо, Нерюнгри, Алдан улуустарыгар (итиэннэ  Өймөкөөҥҥө атын категория сирдэргэ  91 га иэннээх биир   баһаар)  умуруорулунна.

Бүгүҥҥү туругунан  43 ойуур баһаара баар (Сунтаарга — 1, Томпоҕо-1, Эбээн Бытантайга -1, Өлөөҥҥө-3, Нерюнгрига-6, Мииринэйгэ-7, Алдаҥҥа-9, Уус Маайаҕа-15). Былырыын баччаларга 325  ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.

Мииринэйгэ, Сунтаарга, Томпоҕо, Уус Маайаҕа 8 245,5 га иэннээх уон баһаары умуруорууга үлэ ыытыллар.

Биир баһаар Сунтаар улууһугар бохсулунна.

Баһаары утары охсуһууга 487 киһи, 18 техника үлэлиир.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр 8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

 edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0