Владимир Путин коронавирус харантыынынан сибээстээн, 3 саастарын туола илик оҕолоох ыалларга 5000 солкуобайы төлүүр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Саха сиригэр бу төлөбүрү 34 тыһыынча дьиэ кэргэн ылыан сөп диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр. Оттон Арассыыйаҕа 2,3 мөлүйүөн кэриҥэ дьиэ кэргэн ылыан сөп эбит.
Онон бу көмөнү кимнээх, хайдах ылаллара чопчуланна. Төлөбүрү 3 ый устата: муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар биэрэллэр. Ол гынан баран, алтынньы 1 күнүгэр диэри Биэнсийэ пуондатын саайтыгар сайабылыанньа суруйуохха сөп. 3 сааһын туола илик оҕолоох ыал төһө дохуоттааҕыттан тутулуга суох, бары ылар бырааптаахтар.
Cаайтка хайдах киирэбит?
pfrf.ru саайтка gosuslugi.ru паролун, логинын туһанан киирэҕит. Онтон “Ийэ хапытаала” диэн суругунан киирэн баран, “о предоставлении дополнительной ежемесячной выплаты” диэн суругу баттыыгыт. Gosuslugi.ru портал тус кэбиниэтинэн эмиэ киириэххэ сөп. Туох эмэ ыарахаттары көрүстэххитинэ, 8(800) 100 99 74 нүөмэргэ босхо эрийэн тиийэн, сүбэлэттэриэххитин сөп.
Манна Ийэ хапытаалын сэртипикээтин ылбыккыт, ыла иликкит, туттубуккут-тутта иликкит оруола суох. Оҕо 2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри төрөөбүт буолуохтаах. 3 сааһын туолла да, ылбаккыт. Бу төлөбүр бүддьүөт суотуттан, коронавируһунан сибээстээн, дьиэҕэ олорор кэмҥэ көмө быһыытынан бэриллэр.
Бу төлөбүрү үс ый устата ылыахха сөп. Күһүөрү сайабылыанньа суруйдаххытына, үс ыйы барытын – 15 тыһыынча солкуобайы тэҥинэн ылаҕыт. Икки оҕо 3 сааһын туола илик буоллахтарына, уопсайа 30 тыһыынча солкуобай буолар.
Оҕо бэс ыйын 30 күнүгэр төрөөтөҕүнэ, биир ыйдааҕы төлөбүрү ылар бырааптаах. Дьиэ кэргэн Ийэ хапытаалын сэртипикээтин иккис, үһүс оҕотугар номнуо туттубут, ол гынан баран, өссө 3 сааһын туола илик оҕолоох буоллаҕына, бу төлөбүрү ылар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: pronedra.ru