Коронавируһу бохсууга үлэлэһэр суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, кэнники хонукка ыалдьыбыт 370 киһиттэн 12-тэ балыыһаҕа киирбит. Ыалдьыбыт дьонтон 21% — Дьокуускайга, улуустарга – 79% буолара бэлиэтэнэр.
Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн балыыһаҕа 14,6% эмтэнэр, тастан – 85,4%.
Ордук күүскэ дельта штамынан ыалдьаллар эбит (13 %).
Кулун тутар 28 күнүнээҕи туругунан, коронавируһу утары быһыы бастакы компоненын 608 043киһи ылбыт. 151 333 киһи ревакцинацияламмыт.
«Саха сирэ» хаһыат
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1