31 сааһыгар хаампыт Дьулуур

08.04.2018
Бөлөххө киир:

Сааһын тухары хаампакка эрэйи-муҥу көрсүбүт Николай Бандеров-Дьулуур туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт. Кини төрүөҕүттэн ДЦП ыарыылаах, босхоҥ сылдьан 41 сөкүүндэ иһигэр атаҕар турбут. Ол хайдах этэй?

— Николай бастаан бэйэҕин билиһиннэр эрэ, хайа дойду уола буолаҕын?

— Мин Орто Халыматтан төрүттээхпин, ийэм Лаптева  Зоя Прокопьевна  аҕам Бандеров Алексей Иннокентьевич диэннэр. Иккиэн ыал бастакы оҕолоро. Бэйэм 1983 сыллаахха төрөөбүтүм. Аан маҥнайгыттан сааһылаан кэпсиир буоллахха маннык. Хос эһэм улахан ойуун Бандеров Дмитрий Павлович-Төкөйө диэн. Семен Курилов «Ханидо уонна Халерха» диэн романыгар кини туһунан кэпсэнэр. Дьэ, ол эһэбин сураһан, аймахтарбыттан кини хаартыскатын көрдөһөн ылан саҥаттан оҥотторбутум. Мантан саҕалаан олоҕум орун оннугар түстэ. Дьокуускай куоракка көтөн кэлиэм иннинэ уҥуоҕар тахсаммын быраһаайдаспытым. Утуйаары сытаммын атахтанан хаамарбын ыра санаа оҥостор этим. Эһэм түүлбэр киирэн «Эн эрэн, булгуччу сүүрүөҕүҥ» диэн, күүспэр күүс эбэрэ. Кэлиҥҥи сылларга Дьокуускайга кэлэн инбэлииттэр икки ардыларыгар ыытыллар ырыа күрэхтэһиитигэр кыттыбытым, кыайбытым. Ырыам дискэтин таһаартарбытым. Онно барытыгар өҥөлөөх . Ону таһынан, элбэх киһи көмөлөспүтэ.

— Атаххар хайдах турдуҥ?

— «Күөх ыллык» диэн  Амма санаторийыгар фотограбынан үлэлиир Степан Тихонов миэхэ Афанасий Сергеев диэн эмчити сүбэлээбитэ. Үтүөрдүө диэн итэҕэйбэтэҕим да буоллар, сөбүлэспитим. Аан боруогар диэри «миэнэ оһол буолбатах, төрүөхпүттэн инбэлииппин» диэн мөккүһэммин тиийбитим. Онтон эмчиппин көрөөт, туора санааларбын үрэйэн кэбиспитим. Тутан көрөн баран «уҥуоҕуҥ бу чорбойо сылдьар, тулуйуоҥ дуо?» диэт, саҥарыам икки ардыгар көннөрөн кэбиспитэ. Аттыы туруораат, сиспин ситимнээн биэрбитэ. Ону таһынан санныбын көннөрбүтэ уонна кэтэхпэр чорбойор уҥуох баарын илиитин иминэн булан киллэрэн кэбиспитэ. Оннук курдук отут биир сыл эрэйи-муҥу көрбүппүн баара суоҕа түөрт уон биир сөкүүндэнэн киһи оҥорон соһуппута. Билиҥҥэ даҕаны махтанабын. Үөрүүбүттэн кууһаммын сүнньүн быһа эрийэ сыспытым, сөп буолуо диэҕэр диэри махтаммытым. Босхо ыытыллыбыт ыт курдук дьиэтин тула сүүр да сүүр! Хааман иһэн күлүкпүн көрүммүтүм, күлүкпүн кытта кэпсэтэбин, хайдах эрэ охтуохпун баҕарабын даҕаны охтубаппын, доҕолоҥнуохпун баҕарабын даҕаны доҕолоҥнообоппун. Күлүкпүн көрө-көрө «доруобай дьон олохторо тоҕо судургутай»-диибин. Хааман бэйэбин даҕаны, чугас дьоммун даҕаны соһуппутум. Хомойуох иһин, талааннаах дьону сыаналаабаттара баар суол. Кинини биир дойдулаахтара улаханнык сыаналаабаттарыттан  хомойо санаабытым. Ол оннугар атын сиртэн кэлэн эмтэнэллэр эбит.

Эмтэммитиҥ кэннэ туох уларыйыы буолла? Олоҕуҥ хайдах салалынна?

— Уларыйыы элбэх. Чугас дьонум, доҕотторум үөрэ-көтө сылдьаллар. Бары бэйэлэрэ үтүөрбүт курдук сананаллар. Миигин кытта тэҥҥэ үөрэллэр. Хаамарбар үчүгэй, сиһим ыалдьыбат. Бу аҕыйах хонуктааҕыта неврологтарга сырыттым. Кинилэр атахпын иккиэннэрин мээрэйдээн баран урут атаҕыҥ кыпсыгыр буолан уҥа атаҕын хаҥаскыттан биир сантиметрынан кылгас эбит, атаҕыҥ көммүтүн кэннэ дьэ биллибит диэбиттэрэ. Неврологтар мээрэйдээн уллуҥах диэн наадалаах тэрил баар эбит, ону ыйан биэрбиттэрэ.  Ол уллуҥаҕы атаҕым таҥаһыгар уктабын. Оччоҕо доҕолоҥнообоппун. Ол атаҕын кылгас диэбиттэрин истээт, биир күнү супту ытаабытым. Билигин үчүгэйдик хаамабын, барыта кэминэн.

Ыччакка баҕа санааҥ?

— Бэйэм тэҥнээхтэрбэр, бэйэм курдук ыарыылаах оҕолорго этиэм этэ — бэйэҕитин таптааҥ. Хаһан даҕаны сэнэнимэҥ, ыарыһахпын дэнимэҥ. Хаһан даҕаны «эрэй» диэн тылы туттумаҥ. Мин доҕолоҥ, бөгдьөгөр да эрдэхпинэ, «айака» диэн тылы туттубаппын. Истэргэ даҕаны куһаҕан. Үчүгэйи баҕарар буоллаххына, ол үчүгэйиҥ кэлэр дии саныыбын. Санааҕын  түһэрдэххинэ, куһаҕан үчүгэйдээҕэр түргэнник кэлэр. Ол иһин куһаҕаны санаамаҥ. Сырдыкка талаһыҥ. Олоҕу таптааҥ, сыаналааҥ. Мин атахтарбын кытта тыыннаах дьону кытта кэпсэтэр курдук кэпсэтэр идэлээхпин. Миигин атаҕастаабыт дьоҥҥо махталым муҥура суох. Кинилэр баар буоланнар мин майгыбын кытаатыннарбыттара. Кинилэр «инбэлииккин, ыарыһаххын» диэн сэнээбэтэхтэрэ буоллар, билбэккэ сылдьыам этэ. «Айака» диэн баран, сытынан кэбиспит буолуом этэ. Кинилэр өсөһүннэрэннэр, «хайаан мин инбэлиит буолуохтаахпыный?» диэн санаа киирбитэ. Ол иһин мин кыахтаахпын, мин дьонтон итэҕэһим суох диэн санаа үөскээбитэ.

— Айар үлэҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, уон түөрт сааспар туалекка тахсан уоран табахтаан киирбитим. Учууталларым туралларын көрөөт табахтаабыппын биллэримээри ыллыы-ыллыы аттыларынан ааһан иһэн биирдэ өйдөөн көрбүтүм учууталларым тулалаан кэбиспиттэр. Булгуччу биир сөбүлээбит ырыаҕын  талаҕын уонна үөрэтэҥҥин кэнсиэргэ ыллыыгын эбэтэр табахтаабыккын дьоҥҥор этиэхпит – диэбиттэрэ. Дьиэбэр тиийиэхпэр диэри Айыы Уола репертуарыттан «Ама дуо» ырыатын үөрэппитим. Оччолорго ийэм ыараханнык ыалдьа сытар этэ, ийэбин үөрдэр санааттан ырыабын үөрэтэммин ыллаан иһитиннэрбитим. Оскуолаҕа ыллаабытым, барыта үчүгэйдик ааспыта. Учууталларым видеоҕа устаннар, ийэм ыллыырбын кассетанан эрэ көрбүтэ. Ол онно ийэм көрдөспүтэ бэҕэһээ эрэ курдук кулгаахпар иһиллэн хаалбыт. «Оҕом барахсан улахан ырыаһыт буолар күннээх буоллаххына, ийэҥ сырдык кэриэһигэр биир эмэ ырыата ыллаар» диэн көрдөспүтүн толороммун «Ийэбэр» диэн ырыалаахпын. Онон баҕатын толордум диэн үөрэбин. Үөһэттэн истибитэ буолуо диэн эрэнэбин. Орто Халыматтан 2008 сыллаахха көтөн кэлэрбэр Алексей Бандеров диэн бэйэтин кэмигэр биллиилээх ааптар, мелодист убайым кэлэн атаарарыгар «Среднеколымск» диэн суруктаах уруучукатын бэлэхтээбитэ. Онно маннык этэн турардаах «Бу уруучуканы биэрэбин, антах тиийэн бараҥҥын  ырыаны суруйар буолбуккун бэйэҥ да билбэккэ хаалыаҕыҥ». Хайдах эрэ оонньуу-күлүү курдук ылыммытым. Амматтан кэлбитим биир нэдиэлэ буолан баран ол уруучуканан бастакы «Бэлэхтээ» диэн ырыабын суруйбутум. Онтон сиэттэрэн  билигин хас да ырыалаахпын. Ол уруучукатынан саҕалааммын күн бүгүнүгэр диэри суруйабын.

— Кэргэннээххин?

— Кэргэннээхпин, батсаабынан билсибиппит. Аналбын көрсүбүппүттэн үөрэбин. Бэйэм кэрэ аҥарым, бэйэм дьолум. Сөпкө таллым диэммин кинини кытта бииргэ буолбуппуттан кэмсиммэппин. Соҕотох буолбатахпын диэн, дьэ, өрө тыынабын. Кэргэним күн курдук киһи. Толору дьоллоохпун. Онтон ордук бу күн сиригэр туох кэлиэй!

Бу курдук  Николай Бандеров-Дьулуур ыарахантан чаҕыйбакка, ыалдьабын диэн сытынан кэбиспэккэ олоххо сыал-сорук туруорунан, сырдыкка талаһан, айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьарыттан киһи эрэ үөрэр, астынар.

Лев ВАРЛАМОВ кэпсэттэ.

+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2