Бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, 2018 сыл ыам ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 168 тыһ. 23 таба, ол иһигэр 61 тыһ. 827 таба баар.
edersaas.ru.
Бу салааҕа идэтийэр 106 хаһаайыстыба 1 тыһ. 490 киһи (2017 сылга – 1792 этэ), ол иһигэр 1 тыһ. 175 табаһыт уонна 315 чуумсук үлэлиир. Хаар олус халыҥ буолан, кыстык бэрт ыараханнык ааста. Ол курдук, Дьааҥы, Халыма уонна Индигир эҥээр улуустарга 2,5 миэтэрэҕэ тиийэр халыҥ хаар түспүтэ, эбиитин сир мууһунан тоҥмута. Ол түмүгэр, таба маассабай ырыганнааһына тахсыбыта. Инньэ гынан, хаһаайыстыбалар кулун тутартан табаны эбии аһылыкка киллэрбиттэрэ.
Бу кэм устата 15 тыһ. 524 таба өллө, ол иһигэр 5 тыһ. 885 таба көнньүнэн өллө, 4 тыһ. 219 табаны кыыл тарта, 5 тыһ. 420 таба сүттэ.
Племенной атыы бэрээдэгинэн, Үөһээ Халымаҕа Өймөкөөнтөн 50 таба, Абыйга Усуйаанаттан 84 таба илдьилиннэ, Аллараа Халыма улууһугар Чукоткаттан таба аҕалыллыахтаҕа харантыын туран, аны күһүн алтынньыга диэри тохтотулунна.
Бөрөнү бултаһыы тэриллэн, барыта 372 ардай аһыылаах өлөрүлүннэ. Саамай элбэх бөрө Өлөөҥҥө (74), Мирнэйгэ (62), Бүлүүгэ (39), Алдаҥҥа (29), Нерюнгрига (17) сууһарылынна.
Билиҥҥи туругунан, 31 тыһ. 955 тугут төрөөтө. Хаһаайыстыбалар табаларын сайыҥҥы маршруттарынан мэччитэллэр, онуоха эрдэттэн бэлэмнэнэн оттук маһы уонна уматыгы өссө саас “Бураан” көлөнөн таспыттара. Тоҕо диэтэххэ, хаар халыҥыттан тыраахтардар кыайан сылдьыбатахтара.
Тустаах улуустар баһылыктарыгар уонна хаһаайыстыбалар салайааччыларыгар хонтуруолу күүһүрдэр, таба маассабай төрүөҕүн тэрээһиннээхтик ыытар, сүппүт табалары төһө кыалларынан көрдүүр, ыстаадалары араадьыйа сибээһинэн хааччыйар итиэннэ таба ахсаанын энчирэппэт сорук турар.
Евдокия Слепцова, “Саха сирэ» edersaas.ru.