305 саастаах Одьулууҥҥа гаас утаҕа тиийиэҕэ

26.02.2017
Бөлөххө киир:

Саха сирин улуустара, нэһилиэктэрэ  киин куоракка Дьокуускайга кэлэн сыл түмүктэринэн үлэлэрин-хамнастарын отчуоттууллара, биир дойдулаахтарын, устудьуон ыччаты  кытта көрсөн, ирэ-хоро сэһэргэһэллэрэ, инникини, кэскиллээҕи  торумнууллара  үтүө үгэскэ кубулуйда.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Ол курдук, олунньу 24 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” Култуура  киинигэр Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин күнэ ыытылынна.

Быйыл, 2017 сыл одьулууннарга  уратылаах сыл – бастатан туран, нэһилиэк 305 сааһын туолар.  Өссө биир  олус  үөрүүлээх сонун  —  улуус саамай кырдьаҕас нэһилиэгэр  быйыл сайын гаас кэлиэҕэ, онон Одьулуун  хас биирдии  ыалыгар  атырдьах ыйыгар  гаас  утаҕа киириэҕэ!

Нэһилиэк үбүлүөйдээх  сылын  кэрэ-бэлиэ түгэннэрин  Одьулууннааҕы Култуура киинэ 70 сылын, Аграрнай техникум  50 сылын,  бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрэ 25 сылларын, норуот  маастардарын түмсүүлэрэ  эмиэ үбүлүөйдээх төгүрүк сылларын туолуулара ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ.

— 305 сыл анараа өттүгэр сурукка-бичиккэ тиһиллибит дьаһаах докумуонугар олоҕуран, биһиги нэһилиэкпит  үбүлүөйүгэр бэлэмнэммитэ  икки сыл кэриҥэ буолла. Кэнники сылларга 12 саҥа тутуу олоххо киирдэ. Саҥа таас оскуола, балыыһа, детсад – тыа сиригэр сүрүн объектар.  Ааспыт сылга кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Ол курдук,  “Дьоһуннук тэринэн олорор тыа сирэ”  Россиятааҕы куонкуруска кыайан, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыппыт. Үүккэ, окко былаан туолан, инники күөҥҥэ сылдьабыт. 2014 сыллааҕы халаан уутугар ылларыы кэнниттэн, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрин көмөлөрүнэн бөһүөлэк  атаҕар туран, “Утум ситимэ” диэн нэһилиэги барытын түмэр бырагыраама ылынаммыт,  билигин үлэ көхтөөхтүк барар. Улууспут баһылыга Андрей Ноговицын  уурааҕынан быйыл  История сыла биллэриллибитэ. Онон, историяны хасыһыы дириҥээтэ. Кулун тутарга  улууспут, нэһилиэкпит историятыгар сыһыаннаах научнай-практическай конференцияны ыытыахпыт. Үбүлүөйдээх кинигэ тахсыаҕа. Сайын гааспыт киириэҕэ. Бэс ыйыгар  үбүлүөйдээх, өрөгөйдөөх Ыһыах  ыһыллыаҕа, онон  биир дойдулаахтарбытын, дьоммутун-сэргэбитин бука барыгытын ыҥырабыт! – диир Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Васильевна Ефремова.

“Дьоһун дойду Одьулууммут”  көрсүһүүгэ  одьулууннар бэйэлэрэ  4 оптуобуһунан, 2 массыынанан  100-тэн тахса буолан тэринэн кэлбиттэр. Киирээти кытта  уҥа диэки фойеҕа нэһилиэк Далбар хотуннара, чурапчылар үтүө үгэстэринэн, хас биирдии киһини  сахалыы саламаатынан, арыылаах алаадьынан, дьэдьэннээх күөрчэҕинэн,  көбүөрдээх лэппиэскинэн, үрүҥ ас, эт арааһынан  күндүлүү көрүстүлэр.

Оттон норуот маастардара бэртээхэй быыстапканы тарпыттар. Манна уус тарбахтаах иистэнньэҥнэр А.Н.Григорьева, О.Е.Седалищева, В.А.Барашкова, М.Л.Колесова, А.Е.Петрова, Х.И.Степанова, М.П.Тоскина, М.И.Карамзина, Т.С.Шестакова, М.К.Петрова, М.Е.Софронова, уус С.И.Петров, о.д.а. үлэлэрин төһө баҕарар көрөн туруохха сөп. Оннук сиэдэрэйдэр, дьоһуннаахтар, үчүгэйдэр. Одьулууннааҕы “Иэйиэхсит” норуот маастардарын түмсүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа, тас да  дойдуларга  тиийэ биллэр үлэлээх.

СӨ норуот маастара Ольга Седалищева, түөрт оҕо ийэтэ, эйэҕэс эбээ, 20 сыл ыанньыксыттаабыта, 14 сыл идэтинэн почтаҕа үлэлээбитэ. Кини   кылтан-сиэлтэн үлэлэрин дьон олус сэргии көрөр. Ыйыталаһааччы, сүбэ-ама да ылааччы үгүс.

—   Үксүбүт бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, бу дьарыкпытын оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар тиэрдээри,  утумнааччылардаах буолаары, дьаныһан үлэлиибит, — диир Ольга Егоровна.

Анна Николаевна Григорьева,  СӨ норуот маастара, “Иэйиэхсит” түмсүү салайааччыта:

— Бары хас биирдиилэрэ бэйэлэрэ ураты буочардаах, суоллаах-иистээх дьон — норуоттан тахсыбыт талааннар, сүүрбэччэ маастар биһиги түмсүүбүтүгэр киирэр. Саамай сүрүнэ – биһиги ыччаттарбытын үөрэтэбит, тугу сатыырбытын барытын, иис-уус кистэлэҥнэрин  тиэрдэргэ дьулуһабыт, онон, бу иис-күүс саха баарын тухары сайда туруо диэн эрэллээхпит!

Өссө биир сиргэ дьон үмүөрүспүтүн көрөн, чугаһаан кэлбитим – фотограф Г.Ф. Спиридонов архыыбыттан былыргы хаартыскалар быыстапкалара эбит.

Кырдьык даҕаны, барыбыт да оҕо сааспытын санатар дьикти, баай историялаах хаартыскалар!

Оттон саамай көстүүлээх сиргэ ууруллубут, 1N-дээх, Социалистическай куоталаһыы бастыҥнарын ааттара, биографиялара киирбит  “Бочуот кинигэтин” сэрэнэн-сэрэнэн сэгэтэн көрөөппүн кытта – уун-утары мин эһэм, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, холкуоһунай-сопхуоһунай тутуу удаарынньыга  Петр Иванович Егоров – Бөтүрүүскэ хаартыската субу көстөн кэллэ!

Ити курдук, икки улахан халыҥ альбомҥа Ытык дьоннорун барыларын ааттара, хаартыскалара баар. Одьулууннар историяларын чахчы даҕаны үчүгэйдик билэллэр, үөрэтэллэр уонна ытыктыыллар диэн олус махтана, киэн тутта санаатым.

Бу Дьоро киэһэҕэ  СӨ “Барҕарыы” Национальнай фондатын дириэктэрэ, одьулууннар киэн туттар биир дойдулаахтара Альбина Иннокентьевна Поисеева  Ытык дьоҥҥо – хоту көһөрүллүү кыттыылааҕар, үлэ, тыыл бэтэрээнигэр Варвара Алексеевна Барашковаҕа – Акушерка Варвараҕа уонна үлэ, тыыл, бэчээт бэтэрээнигэр, Чурапчы улууһун бочуоттаах киһитигэр Иван Иванович Федотовка Ил Түмэн сис кэмитиэтин Бочуотунай грамоталарын, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эҕэрдэ тыллары нэһилиэк баһылыга Людмила Ефремова, Дьокуускай куораттааҕы “Одьулуун” түмсүү салайааччыта Семен Софронов, Чурапчы улууһун дьаһалтатын, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ бэрэстэбиитэллэрэ, уо.д.а. эттилэр.

Быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолар саха норуодунай артыыһа Христофор Максимов Бабаҕаҕа, бу,  Одьулуун сиригэр күн сирин көрбүтэ. Кини уола, биологическай наука доктора Трофим Максимов уонна Христофор Максимов фондатын бэрэстэбиитэллэрэ көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар. Сулҕаччыга Христофор Максимов аатынан Култуура киинэ кулун тутар ыйга саҥа дьиэҕэ киирэр эбит.

“Дьоһун дойду Одьулууммут”  көрсүһүүгэ  “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр толору кэлбит биир дойдулаахтар “Дархан” эр дьон ансаамбыла, “Түһүлгэ” ыччаттар үҥкүү бөлөхтөрө, “Ситии” муода студията, Одьулуунтан төрүттээх СӨ үтүөлээх артыыската Екатерина Егорова, балет солистката Лена Посельская, СӨ култууратын туйгуна Татьяна Платонова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист Валерий Платонов, о.д.а кыттыылаах бэртээхэй кэнсиэри көрдүлэр. Оттон фойеҕа эдэр саас умнуллубат ырыаларынан “Чэчир” ВИА доҕуһуоллаах үҥкүү буолла, ырыа-тойук, оһуохай дуорайда.

Кэнсиэртэн киирбит үп үбүлүөйдээх ыһыах тэрээһинигэр ананна.

Татьяна Маркова.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0