Хас биирдии оҕоҕо — 3000 солкуобай

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйыгар үлэтэ суох дьон ылар босуобуйаларыгар эбии 3000 солкуобай төлөнүөҕэ. Бу эбии төлөбүр сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох дьоҥҥо бэриллэр, хас биирдии оҕотугар – 3000 солкуобай.

Бу пандемияттан сылтаан, үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо судаарыстыба көмөтө буолар. Төлөбүрү бу сааскыттан биэрэллэр, атырдьах ыйынан тохтуохтаах этэ. Дойду үрдүнэн үлэтэ суоҕунан учуокка турбут, оҕолордоох 2,8 мөлүйүөн киһи ылар кыахтаах. Төрөппүттэр иккиэн үлэтэ суох буоллахтарына, бу төлөбүрү биирдэстэрэ ылар.

Бу босуобуйаҕа анаан федеральнай бүддьүөттэн 8,5 миллиард солкуобай көрүлүннэ.

Маны тэҥэ, коронавирус инфекцията тарҕанан, бэйэни хааччахтанан олоруу кэмигэр оҕолорго атын төлөбүрдэр эмиэ бэриллибиттэрэ, үлэтэ суохтар ылар босуобуйалара үрдээбитэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0