30 ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 14 күнүгэр, сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ  30 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Онтон 7 ойуур баһаара Дьааҥы, Кэбээйи,  Ленскэй,  Нерюнгри уонна  Уус Маайа улуустарыгар умулларыллар.  3 ойуур баһаара Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар ыраах сирдэринэн,  8 улууска 20  хонтуруолланар сиргэ  ойуур баһаара баара биллэр.  Уопсайа 12 945  га сир уокка былдьанна.
Уоту бохсууга   «Авиалесоохрана» 286 парашютист-десана  уонна 12 исписэлииһэ, 4 тиэхиньикэ үлэлииллэр.  Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын бохсууга ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгын аалынан уонна сиринэн ойуур баһаарын туругун күн аайы хонтуруоллууллар. Ан-30 зондировщик-сөмөлүөт үлэлиир. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ойуурга уоту туһаныыга сэрэхтээх буоларга ыҥырар.  Ойуур баһаарын   туһунан 8-4112-44-74-76 эригийиэннээҕи диспетчергэ эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ быһа эрийэн биллэриэххэ сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0