
Бэс ыйын 14 күнүгэр, сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 30 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Онтон 7 ойуур баһаара Дьааҥы, Кэбээйи, Ленскэй, Нерюнгри уонна Уус Маайа улуустарыгар умулларыллар. 3 ойуур баһаара Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар ыраах сирдэринэн, 8 улууска 20 хонтуруолланар сиргэ ойуур баһаара баара биллэр. Уопсайа 12 945 га сир уокка былдьанна.
Уоту бохсууга «Авиалесоохрана» 286 парашютист-десана уонна 12 исписэлииһэ, 4 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын бохсууга ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгын аалынан уонна сиринэн ойуур баһаарын туругун күн аайы хонтуруоллууллар. Ан-30 зондировщик-сөмөлүөт үлэлиир. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ойуурга уоту туһаныыга сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Ойуур баһаарын туһунан 8-4112-44-74-76 эригийиэннээҕи диспетчергэ эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ быһа эрийэн биллэриэххэ сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА.