3-гэр диэри саастаах оҕолорго босуобуйаны 12,5 тыһыынча ыал ылыа

Бөлөххө киир:

Үһүгэр диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүргэ анаан Саха сиригэр эбии, 194,6 мөлүйүөн солкуобайы ыыттылар. Маннык эбии көмөнү барыта 17 эрэгийиэн ылыаҕа.

Үстэн элбэх оҕолоох ыалларга барыта 1,44 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Бу эбии көрүллүбүт 194,6 мөлүйүөн солкуобайдаах босуобуйаны 12,5 тыһыынча оҕо ылара күүтүллэр.

Бу оҕо 3 сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр төлөбүр кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр. Арассыыйа үрдүнэн ортотунан 11,3 тыһыынча солкуобай буоллаҕына, Саха сиригэр 18 864 солкуобайга тэҥнэһэр. Хотугу улуустарга өссө үрдүк буолар.

Босуобуйаны  бастакы, иккис оҕолоро 2018 сыл кэнниттэн төрөөбүт дьиэ кэргэттэр ылар бырааптаахтар. Дьиэ кэргэн орто дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин икки бүк сууматыттан намыһах буолуохтаах.

Бу сылга оҕолоох ыалларга анаан федеральнай бүддьүөттэн барыта 58 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Бу харчыны мөлүйүөн аҥаарыттан тахса ыал ылыахтаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0