3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа суумата үрдүө дуо?

Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл тохсунньутугар бэрэсидьиэн 3-7 саастаах оҕолорго ый аайы бэриллэр босуобуйа кээмэйин икки төгүл үрдэтэн, тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиэрдиэхпит диэн эрэннэрэн турар. Бу олоххо киирэн эрэр, ол эрээри син биир “ноолоох” эбит.

Дьэ, ол ымпыга-чымпыга туох эбитий?

Билигин 3-7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы босуобуйа эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу кээмэйин аҥаарыгар – 8,6 тыһыынча солкуобайга (хоту улуустарга 10,3 тыһыынча солкуобайга) тэҥнэһэр. 2021 сылга бу кээмэйин үрдэтэр былааннаахтар, ол эрээри, барыларыгар буолбатах.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ бу босуобуйаны түһүмэҕинэн үрдэтэр систиэмэ туһунан этии киллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, маннык буолар:

— 3-7 саастаах оҕолор тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа суумалаах босуобуйаны ылаллар (кыаммат ыаллар);

— дьиэ кэргэн ыйдааҕы орто дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, босуобуйа улаатар (тиийинэн олоруу алын кээмэйин 75%-нын саҕа);

— бу үрдээбит босуобуйа сууматын эбии ааҕан туран, дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына, босуобуйа 100% үрдүүр (Саха сиригэр ортотунан 17,5 тыһыынча солкуобай).

Ол эбэтэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр босуобуйаны чахчы кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр ылаллар. 3-7 саастаах хас да оҕолоох буоллахтарына, босуобуйа хас биирдии оҕолоругар бэриллэр.

Ааспыт сылга бу босуобуйа кыра оҕолордоох үгүс дьиэ кэргэттэргэ бэлэх курдук кэлэн, пандемия кэмигэр төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Ол курдук, тохсунньуттан саҕалаан хос ааҕыллан кэлэн, биир оҕоҕо 100 тыһыынчаттан тахса солкуобайдаах суума кэлбитэ.

3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа кээмэйин үрдэтии туһунан сокуон билиҥҥитэ тахса илик, ол эрээри, министиэристибэ оҥорбут систиэмэтинэн буолара саарбаҕа суох.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0