3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа 2 төгүл үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Владимир Путин ахсынньы 17 күнүнээҕи пресс-кэмпириэнсийэтигэр 3-7 саастаах оҕолорго бэриллэр босуобуйа тохсунньуттан 2 төгүл үрдүөҕэ диэн этэн турар.

Маннык босуобуйаны хас биирдии чилиэҥҥэ тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах ыйдааҕы дохуоттаах дьиэ кэргэттэр ылар кыахтаахтар. Билиҥҥитэ хас биирдии оҕоҕо 8,6 тыһыынча солкуобайы (тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын) ылаллар. Кэлэр сылтан бу босуобуйа эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһиэҕэ (Саха сиригэр – 17 877 тыһыынча солкуобай).

Өрөспүүбүлүкэҕэ 25 тыһыынча ыал бу босуобуйаны ылаллар. Манна даҕатан эттэххэ, оҕолоох ыалларга социальнай көмө үбүлээһинэ быйыл былырыыҥҥытааҕар 2 төгүл эбиллэн, 12 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0