3-15 саастаах оҕолорго 10 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ

11.05.2020
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа бэс ыйын 1 күнүттэн 3-15 саастаах хас биирдии оҕоҕо 10 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ. Бу туһунан бэрэсидьиэн Владимир Путин ыам ыйын 11 күнүгэр бырабыыталыстыба онлайн-мунньаҕын кэмигэр иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Биирдэ бэриллэр төлөбүрү 2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри 3 сааһын туолбут уонна 16 сааһын туола илик оҕоҕо биэрэллэр. Манна төрөппүттэрин дохуота, о.д.а. оруола суох. “Оҕолоох дьиэ кэргэттэри социальнай өйөөһүн эбии миэрэлэрэ” диэн ыйаахха уларыйыылар киирдилэр.

“Билигин ыспыраапка хомуйсар кэм буолбатах, онон атын киритиэрийдэри киллэрбэтибит. Gosuslugi.ru портал, эбэтэр Биэнсийэ пуондатын саайтын нөҥүө сайабылыанньаны биэриэххэ сөп”, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

Ону тэҥэ, 3 сааһыгар диэри оҕолоох ыаллар бары үс ый устата 5000 тыһыынча солкуобайы ылар кыахтаннылар. Бу иннинэ Ийэ хапытаалын ылар бырааптаах буолуохтаахтар диэн усулуобуйалаах буолан, манна сорох ыаллар хапсыбаттар этэ.

Ол гынан баран, 16-17 саастарын туолбут оҕолоох ыаллар хомойбут буолуохтаахтар, кинилэр син биир төрөппүттэригэр иитиллэр, аһыыр-таҥнар, үөрэххэ бэлэмнэнэр, араас гаджеттарынан туһанар оҕолор буоллахтара.

 Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0