Саха сириттэн 2 %-наах чэпчэтиилээх ипотеканы аан бастакынан Дьокуускай олохтооҕо Изабелла Лебедева ылан, ахсынньы 17 күнүгэр кирэдьиит дуогабарыгар илии баттаа диэн nvk-online.ru саайт иһитиннэрэр.
Икки өрүттээх сөбүлэҥ өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека ааҕыныстыбатын кытта түһэрсилиннэ. Тустаах тэрилтэ Уһук Илиҥҥэ 2 %-наах ипотеканы биэриигэ эрэгийиэннээҕи операторынан буолар.
Бүгүҥҥү туругунан манна хайыы үйэ 80 сайаапка киирэн сытар, олортон 48 бигэргэннэ. Бырагыраама кыттааччылара саҥа кыбартыыраларын көрдүүллэр. Кинилэртэн аан бастакынан Изабелла Лебедева дуогабара бигэргэннэ.
«Социальнай ситим нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека ааҕыныстыба 2 %-наах чэпчэтиилээх ипотекаҕа сайаапкалары эрдэттэн ылар буолбутун билбиппит. Сэтинньи ыйга докумуоннарбытын барытын тиксэрэн, ахсынньыга сөбүлэҥ ылан, бүгүн бүтэһик дуогабарбытыгар илии баттастыбыт. Бырабыыталыстыбаҕа эдэр ыалларга маннык дьиэ-уот ылар кыах биэрбиттэригэр махтанабыт», — диэн Изабелла Лебедева санаатын үллэстэр.
Санатар эбит буоллахха, чэпчэтиилээх ипотекаҕа 36-тыгар диэри саастаах эдэр ыал, эбэтэр сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох аҥардас төрөппүт киирсиэн сөп. Кэргэнниилэр саахсаланан ыал буолан олорбуттара биир сылтан ордубут буолуохтаах. Маны тэҥэ «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан дьиэ туттууга сир ылбыт дьон хапсаллар, кинилэргэ саастарынан хааччах суох.
Чэпчэтиилээх ипотеканы куоракка саҥа тутуллан киирэр дьиэҕэ кыбартыыра, эбэтэр тыа сиригэр иккис ырыынакка кыбартыыра ыларга уонна «Уһук Илиҥҥи гектарга» саҥа дьиэ туттарга туһаныахха сөп.
Тустаах бырагыраама биэс сыл устата үлэлиэҕэ. Ипотека болдьоҕо 20 сылга диэри, бэриллэр кирэдьиит суумата муҥутаан алта мөлүйүөн солкуобайга тиийиэн сөп, маҥнайгы төлөбүр ипотекалаах кирэдьиит 20 %-гар тэҥнэһиэхтээх. Ийэ хапытаалын туһаныахха сөп.
nvk-online.ru саайтан.
Хаартыска: nvk-online.ru саайтан.