Саха уола очуоһу дабайан турар. Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын истэр. Сылаас тыал иэдэһин бигиир. Хорсун ыра санаалардаах… Бу – Орто Дойду киэргэлэ остуолбалыыр хайалаах, уйгу-быйаҥ далбардаах, улуу Тойон Арыылаах Хаҥалас сирэ-уота. Бүгүн саха омугун дьолугар төрөөбүт улуу киһи сырдык аатыгар сүгүрүйэн ылыаҕыҥ.
Кимиэхэ анаммыта тута өйдөнөр
«Күннээх халлаан лоскуйун Мин илиибэр ылабын, Сахам ыра санаатын Түөспэр ыга тутабын…Ыра санаа- ытык сирдьит Ырааҕы да чугаһаппыт, Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ Ырыаларын ыллаппыт…» диэн СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева–Сайа “Күннээх былаах” хоһоонуттан быһа тардыыны да аҕаллахпына, кимиэхэ анаммыта тута өйдөнөр буолбаат? Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка ананар ыстатыйа…
Омуннурбакка эттэххэ, саамай бастыҥ этэ
Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэ – кини төрөөбүт дойдута. Дьоно-сэргэтэ Эллэйтэн, Тыгынтан саҕалаан бүтүн Саха сирин үрдүнэн баай устуоруйалаах улууһунан биллэр. 2017 сыл атырдьах ыйыгар, баччаларга, Өктөмҥө өрөспүүбүлүкэҕэ уруһуй уонна муусука учууталларын пуорумун иһинэн үлэлээбит “Рисуем все” сайыҥҥы уруһуй оскуолатыгар үөрэммитим. Оччолорго сэттис кылааһы бүтэрбитим. Хоту дойдубуттан, Абый улууһуттан, Марияника Никулина диэн кыыстыын иккиэ буолан тиийбиппит. Бастакы лааҕырым буолбута. Омуннурбакка эттэххэ, саамай бастыҥ этэ. Бөлөхтөргө арахсыбыппыт: мин бэһис этэрээккэ баарым. Салайааччыбыт Уус Маайа улууһун Күпсү сэлиэнньэтиттэн төрүттээх Вера Иванова, лааҕыр тэрийээччитэ Виктория Сторожева этилэр. Үөрэх таһынан, Валентина Ноговицына салайар Хаҥалас улууһун устуоруйатын түмэлигэр экскурсиялаабыппытын өйдөөн хаалбыппын.
Биэс тосхолу ыйбыта
Билэрбит курдук, Михаил Ефимович оҕо сайдыытыгар биэс тосхолу ыйбыта: муусука, уруһуй, успуорт, тыл уонна саахымат. Мин уруһуй хайысхатыгар үөрэммитим. Лааҕырга сылдьан, Кэриэйэттэн Ким Ын Сук диэн уһуйааччы кэлэн үөрэппитэ. Михаил Ефимович балысханнаах, барҕаны сылыктыыр санааларын, көрүүлэрин сорҕото, кыттыылааҕа буолбуппун. Кини саҕалаабыт дьыалата билигин да ситиһиилээхтик салҕана турар.
Ол саҕана оҕолор барытын буолуохтааҕын курдук ылынан, туох да улууну, үрдүгү толкуйдаабат бөҕө буоллахпыт дии. Үөрэнэр куорпустарбытыгар Михаил Ефимович ыйбыт хайысхаларын баннердар сырдаталлара уонна уһуйаачччылар кэпсииллэрэ. Ол түгэҥҥэ барыта бэлэм кэлбэт, барытын дьон оҥорор, толкуйдуур, туруулаһар диэни күүскэ өйдөөн хаалбыппын.
Кинилиин көрсүһүү…
Саамай үөрүүлээх, долгутуулаах түгэнинэн, бэһис күммүтүгэр Михаил Ефимович оҕолору кытта көрсүһүүтэ буолбута. Дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүппүт. Күөх экраанынан көрөр киһим илэ кэлэн турара. Буоларын курдук, холкутук, өйүн–санаатын дириҥник тиэрдэн тыл эппитэ. Бу күн өссө Михаил Николаев туһунан кэпсиир, сырдатар архыып–бибилэтиэкэҕэ сылдьыбыппыт. Үлэлээбит остуолун көрбүппүт, онно өрүү Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интеллигенциятыгар сурук” үлэтэ сытар буолар үһү диэн кэпсээбиттэрэ. Саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскайы саха норуотун сырдатааччытынан, бөлүһүөгүнэн ылыналлар. Буккуурдаах–тэккиирдээх, уларыйыылаах–тэлэрийиилээх, атахха чиҥник турар сыллар саҕаланыыларыгар саха норуотун бастыҥ лиидэрдэринэн, салайааччыларынан Максим Кирович Аммосов, Былатыан Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов буолаллар. Кинилэр кэккэлэригэр тэҥҥэ туруон турар киһи, аныгы үйэ Салайааччыта, чахчы Михаил Ефимович Николаев буолар.
Салгыы кэпсиибин…
Онтон көрсүһүү түмүктэммитэ. Аллараа этээскэ оҕолор, учууталлар хаартыскаҕа түһэ сылдьаллар этэ. Онно Абыйтан бииргэ кэлбит учууталым Евдокия Николаевна Черемкина ыҥырбыта. Михаил Ефимовичтыын илии тутуспуппут. Кини хас биирдии түһүөн баҕарар оҕону кытта үөрэ–көтө түспүтэ. Төһө да оҕолор кини таһыма муҥура көстүбэтин, үрдүгүн толору билбэтэрбит, чахчы ытыктанар киһи диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Дьон–сэргэ бары таптыыра өтө көстөрө. Арылхай харахтарынан кинини тулалыыр оҕолору көрө турара бу бааргы дылы. Ол да буоллар, барыта ыксалынан этэ. Мин кинини кытта үлэлэспит дьонун, биир дойдулаахтарбын ааттаабытым. Будимир Дмитриевич Слепцов, Николай Иванович Соломов, Афанасий Васильевич Дохунаев, Виктор Петрович Ефимов дойдуларыттан сылдьабын диэбитим.
Михаил Ефимович Николаев саха омугун олоҕун–дьаҕаһын тутулун торумнааччы, суолун–ииһин туһаайыытын көҕүлээччи, дьон дьылҕатын–төлкөтүн төрдүн олохтооччу, киэҥ–куоҥ, дириҥ баҕа санаа алыбар ылларбыт уһулуччулаах киһи. Дьон–сэргэ айылҕаттан анаммыт баһылыктарын дьүһүнүн–бодотун ылынан, өйүн–санаатын тургутан, тылын–өһүн иҥэринэн, үлэтин–хамнаһын хайҕаан, олохторо эйэ дэмнээхтик баран, дьадайбакка–айгыраабакка, арахсыбакка–атааннаспакка, тэҥ, сайаҕас сыһыаҥҥа убанан, уос номоҕо оҥостон үйэлэргэ тарҕатан, ыччат дьоҥҥо холобур оҥороллоро — махтал бэлиэтэ.
Түмүк оннугар
Бырастыылаһыы күнүгэр дьон тохтоло суох сылдьыбыта. Олор истэригэр элбэх ыччат баара. Ону таһынан, Ленин болуоссатыгар мэтириэтин иннигэр төрөппүттэр оҕолоругар Михаил Ефимович туһунан кэпсии туралларын көрбүтүм. Бу саха дьоно Аан Дарханыгар сыһыана истиҥин, сылааһын көрдөрөр. Кини тобуллаҕас өйүттэн–санаатыттан, булугас–талыгас майгытыттан омук олоҕо, туруга, инникигэ тардыһыыта тупсубута.
Михаил Ефимович үйэҕэ биирдэ кэлэн ааспыт киһи. Кини саҕалаабыт үлэтиттэн хас биирдиибит холобур ылан, эмиэ Сахабыт сирин дьолун үллэстэн, кыһалҕатын ылынан, киэҥ нэлэмэн сыһыытын, хонуутун ортотунан тэлэн, үктэл суолу хаалларан аастын. Аан Дархан олорбут олоҕун, хаалларбыт үйэлээх үлэтин кэрэһилээн, дойдубут ханнык да күчүмэҕэй күннэргэ чэлгийэ көҕөрүө, хайдахтаах да тургутуулары, илинтэн уонна кэлинтэн кэлэр тымныы тыаллары сылааска кубулутуо, көччүтэ илгитиэ диэн эрэнэбин.