Аэропортар саҥалыы тутуллаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирэ федеральнай кииҥҥэ өссө 11 аэропорду саҥардан тутууну туруорсар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр кэпсээтэ.

2019 сыллаахха Саха сирин салалтата 15 аэропорду саҥаттан тутуу испииһэгэр киллэттэрбитэ: Дьокуускай, Мирнэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ньурба, Черскэй, Эдьигээн, Хандыга, Белай Гора, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Депутатскай, Сангар, Полярнай уонна Усть-Нера.

Олортон Эдьигээн уонна Үөһээ Бүлүү портара тутулунна. Оттон быйыл Белай Гора, Бүлүү, Депутатскай, Сангар, Бүлүү, Депутатскай, Сангар, Хандыга уонна Нерюнгри портара тутуллан бүтүөхтэрэ.

Манна эбии өссө 11 көтөр аал түһэр, көтөн тахсар пордун өрөмүөннэтээри былаанныыллар эбит. Ил Дархан этэринэн, ити боппуруоска Федерация Сэбиэтин сис кэмитиэтэ өйүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0