Маны аах Уопсастыба

Сорох улуустарга хаардаах ардах түһүөҕэ

Сорох улуустарга хаардаах ардах түһэрэ күүтүллэр.

Бу туһунан синоптиктар иһитиннэрдилэр диэн СИА Мария Архипова суруйар. Ол курдук, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м. тиийэ тыал күүһүрүөн сөп. Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа сорох сирдэринэн 11 мм диэри уонна онтон элбэх сөҥүү түһэрэ күүтүллэр. Киин, өрүс уҥуордааҕы, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга улахана суох, сорох сирдэринэн кыратык инчэҕэй хаардаах ардах түһүө, соҕуруу, Өлүөнэ алын тардыытынан, арҕаа, хотугулуу-арҕаа, хоту, хотугулуу-илин — улахана суох, сорох сирдэринэн кыратык хаар, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Кыра тыаллаах, соҕуруу — сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ хотуттан тыалырыа. Түүн -3…+2 С кыраадыс, хотугулуу-арҕаа — -3… -8 °С, хотугулуу-илин сорох сирдэринэн -8… -13 °С. Күнүс — +3… +8 °С, хотугулуу-арҕаа — -3… +2 °С, арҕаа сорох сирдэринэн — -1… -6 °С. Дьокуускайга үксүн сөҥүүтэ суох, арҕааттан сөкүүндэҕэ 5-10 м тыаллаах. Күнүс +4… +6 °С тиийэ сылыйыа.

Хаартыска: interfax.ru

0
0
Telegram Whatsapp