Дьааҥы оройуонун бүгүҥҥү балаһыанньата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьааҥы оройуонугар ардахтан халааннаан быһыы-майгы билигин да уустук.

Хайыһардаах нэһилиэнньэлээх пуунугар уу муҥутуур таһымы ааһан, сыыйа эбиллэн иһэр. Верхоянскай куоракка уу муҥутуур таһымтан сыыйа намтыыр.

Оройуоҥҥа 830 киһиэхэ быстах кэмҥэ олорор 11 пуун тэриллибит. Билигин түөрт пууҥҥа 40 киһи олорор, ол иһигэр 21 оҕо.

Ууга барыан сөптөөх зонаҕа киирсэр нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-быһаарар үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар, барыы-кэлии уонна быстах кэмҥэ олорор пууннар тустарынан билиһиннэрэ тураллар. Нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөргө 16 киһилээх бөлөх уонна уон тиэхиньикэ бэлэм. ГИМС иниспиэктэрдэрэ көмөҕө туһаныллар дьоҕус суудуналар төһө бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлээн көрбүттэр.

РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетыгар суһал ыстаап тэриллэн үлэлиир. Дьааҥы оройуонугар быыһааччылар нэһилиэнньэлээх пууннарынан: Хайыһардааҕынан, Верхоянскайынан, Баатаҕайынан тарҕанан үлэлииллэр.

Дьааҥы оройуонугар 14 416 кг ас-үөл, наадалаах мал-сал тиэрдиллибит. Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннартан 397 киһи, ол иһигэр 104 оҕо көһөрүллүбүт.  Итинтэн 40 киһи быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа, 357 киһи аймахтарынан олорор. Маны таһынан, 197 оҕону Дьокуускай куоракка оҕо сайыҥҥы лааҕырдарыгар ыыппыттар.

Кэнники хонукка Боронукка 10 тиэргэн ууттан босхоломмут, ол иһигэр биэс дьиэ. Верхоянскай куоракка ууттан 30 дьиэ босхоломмут. Хайыһардаахха уу киирбит сиригэр-уотугар билиҥҥитэ уларыйыы суох.

УГМС иһитиннэрбитинэн, Дьааҥы өрүһүнэн 10-20 см. диэри уу киириитин намтааһына салҕанар.  Чугастааҕы күннэргэ Бөтөҥкөс сэлиэнньэтигэр уу таһыма намтыыра күүтүллэр. Боронукка уонна Верхоянскайга чугастааҕы күннэргэ уу таһыма сыыйа намтыыра уонна нэһилиэнньэлээх пууннар ууттан босхолоноллоро күүтүллэр.

Ксения Рахматулина, РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0