Арктика улуустарыгар уматык харгыһа суох тиэрдиллэр буолуоҕа

Ааптар: 
16.06.2022
Бөлөххө киир:

Санкт-Петербурдааҕы XXV экэнэмиичэскэй форум бэс ыйын 15-18 күннэригэр «Экспофорум» диэн киин киэҥ уораҕайыгар ыытылла турар. 

Бүгүн  РФ УҺук Илини, арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков, Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ  Виктор Лебедев  арктика түөлбэтигэр киинтэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга нэһилиэнньэни итиинэн хааччыйыыга уматыгы тиэрдиигэ бииргэ үлэлииргэ аналлаах Сөбүлэһии докумуонугар илии баттаатылар.

Бу туһунан СӨ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова: «Саханефтегазсбыт» хампаанньа  сылга 160 тыһ туонна ньиэп бородууктатын тиэрдэриттэн  арктика улуустарыгар 30 тыһ. туоннаны  тиэйэр.  Ньиэп бородууктата 1960-1980-с сылларга тутуллубут 19 баазаҕа харыйыллар. Балар  тэхэньиичэскэй  өттүнэн 80 % эргэрэн тураллар. Арктика түөлбэтигэр 9 баазаны нуормаҕа эппиэттиир гына оҥорор тэрээһиҥҥэ уопсайа 6 млдр солк. наадата быһаарыллыбыта. Бырайыагы олоххо киллэриигэ федеральнай үбү көрүү  Уһук Илиҥҥи концессия мэхэньиисимин төрүтүгэр  олоҕуран тыырыллыаҕа. Бу түмүгэр,  арктика түөлбэтигэр  уматык харгыһа  суох тиэрдиллиэ уонна, саамай сүрүнэ,  инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна  нэһилиэнньэ туһаныытыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа», — диэн  телеграм-канаалыгар быһааран биэрбит

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0