27 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

️ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга Павел Гарин иһитиннэрбитинэн, кэнники хонукка 56 тыһ.гектар иэннээх сиргэ 27 ойуур баһаара умуруоруллубут.

Бүгүн аэромобильнай бөлөхтөр Горнай уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар үлэлииллэр. Арасыыйа ЫБММ алта авиацията көмөлөһөргө бэлэм. Хаҥалас, Сунтаар оройуоннарыгар былааннаналлар«, — диир кини.

Ксения Рахматулина, ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетн пресс-сулууспатын салайааччы:

Тыал хотугулуу-арҕааттан буолан, Горнай улууһуттан буруо Дьокуускайга кэлэр. Билигин онно Маҕараска ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Ойуур баһаардарыттан 48 нэһилиэнньэлээх пуун уонна Дьокуускай буруонан бүрүллэн олороллор, — диэн иһитиннэрэр.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бүгүн, от ыйын 20 күнүгэр, ойуур баһаардарынан мунньах ыытта.

Кэнники хонукка 27 ойуур баһаара умуруорулунна, аҕыс бохсулунна.

Ойуур баһаардарын умуруорууга 2106 киһи, 290 тиэхиньикэ үлэлиир.

БЕ-200 уонна ИЛ-76 көтөр ааллар бүгүн Сунтаар оройуонугар үлэлииллэр.

Горнай улууһугар Маҕарас, Кэптин, Өрт сэлиэнньэлэрин таһыгар ойуур баһаардара ураты хонтуруолга сылдьаллар.

СӨ Ил Дарханын ыйыытынан бүгүн Горнай оройуонугар ойуур баһаарыгар үлэлииргэ автоколонна бэлэмнэнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0