27 ойуур баһаара умайар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 13 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 27 ойуур баһаара баара бэлиэтэммит, мантан сэттэтэ тохтотуллубут. 17 ойуур баһаара ыраах, суола-ииһэ суох сиргэ умайара биллибит. Барыта 5438  гектардаах сир-уот былдьаммыт.

Умуруорууга «Авиалесоохрана»  270 парашютист-десана уонна ойуур хаһаайыстыбатын 12 исписэлииһэ үлэлииллэр. Ааспыт сууккаҕа  Нерюнгри, Уус Маайа, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар,  Бүлүү бөлөх улуустарга уонна Маҕан бөһүөлэгэр барыта алта баһаар умуруоруллубут.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр ойуур баһаарын утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Онон сибээстээн, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгын аалларынан уонна сиринэн сылдьан, күн аайы хонтуруоллууллар. Ан-30 диэн сөмөлүөт-зондировщик тустаах үлэтин толорор. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ  Саха сирин олохтооругар уонна ыалдьыттарыгар  ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр  8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийиэн тиийиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0