«Үйэлээх мал». Ахтан-санаан аастахха

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит киһи буоларым быһыытынан ол кэмнээҕи 5 малы көрдөрүөм.

1924 с. үрүҥ көмүстээх манньыат (98 сыл ааспыт), 1931 с. 15 кэппиэйкэ уонна 1956 с. 10 кэппиэйкэ. Бу манньыаттар биһиги ийэбититтэн хаалан сылдьаллар.

Үс атахтаах саха маанылаах иһитэ — чороон. Бу чороон мин киһини өйдүүр буолуохпуттан баар. Нарын -намчы баҕайы оһуордаах. Аҕабыт олус харыстаан тутааччы. Арааһа, сэрии иннинээҕи мал быһыылаах. Мин сааһым 64, ол аата онтон быдан аҕа буолуохтаах.

Комсомол значогун иккис сиэрийэтэ 1945-58 сс. оҥоһулла сылдьыбыт. Бастакыта КИМ диэн эбит. Бу значок биһиги аҕабыт киэнэ буолуо диэн сабаҕалыыбын.

Биһиги аҕабыт  «Победа» колхуоска биригэдьиирдии сылдьан 1945 с. армияҕа ыҥырыллан, Тихэй океаҥҥа флотка сулууспалаабыт. Арсенальщик, артиллерист, плавсостав хамандыыра, кэлин секретнэй чааска суруксуттаабыт. Буочара олус кырасыабай этэ. 1945-50 сылларга, биэс сыл сулууспалаабыт.

Саха Сирэ Россияҕа холбоспута 325 сылыгар анаан 1957 сыллаахха сувенирдары оҥорбуттар. Биһиэхэ ити чааскы (аҕабыт чааскыта этэ. Өлбүтүн кэннэ ыскаапка турбута), чороон уонна значок бааллар. Ити туой чорооннору хам-түм ыалга көрөөччүбүн, чааскыны суох. Онон ити маллар 65 сыл буолбуттар.

Бу 4 кылааска диэри суруксуттаабыт бөрүөлээх уруучукам. Хаартыскалары көрүҥ.

 Галина Иванова,

Үөһээ Бүлүү, Хоро.

Хаартыскалар Г.Иванова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0