Икки сыллааҕыта Дьокуускай куорат Бүлүүлүүр суолугар баар анал коррекционнай оскуолаҕа сылдьан, харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолор тиффло-быһаарыылаах киинэлэри сөбүлээн «көрөллөрүн» улаханнык сэҥээрэн турабын.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьоҥҥо анаан кэлиҥҥи кэмҥэ анал кинигэлэри бэлэмнииллэрин таһынан, оннооҕор тифло-быһаарыылаах киинэлэри оҥорор буоллулар. Бу күннэргэ Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх оскуолатын 4 «в» кылааһын үөрэнээччилэригэр «Харысхал» аһымал фондата «Үтүө санаа» уруогун тэрийэн ыытта.
Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьон күннээҕи олоххо туох харгыстары көрсөллөрүн туһунан оҕолорго Москватааҕы академия устудьуонката Айталина Моппулова (хараҕынан инбэлиит) кэпсээтэ. Оҕолор ордук тиффло-быһаарыылаах киинэни уонна анал кинигэлэри интэриэһиргээн көрдүлэр.
Түгэнинэн туһанан, «Мегафон» ПАУо бэрэстэбиитэллэрэ «Книжки в подарок» диэн бэйэлэрин социальнай бырайыактарын чэрчитинэн, «Харысхал» аһымал фондатыгар оҕо кинигэлэрин бэлэх туттардылар.
Анивера АКИМОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru