2500 күөх пионер айылҕаны харыстыыр

Бөлөххө киир:

Күн уһаабыт, суол-иис килэрийбит кулун тутар ылааҥы күннэригэр «Бэс Чагда» оҕону сынньатар уонна чэбдигирдэр кииҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан эдэр экологтар «Күөх пионердар айылҕаны харыстыыллар» диэн III өрөспүүбүлүкэтээҕи слекка мустан, «Экофест» симиэнэ үөрүүлээх аһыллыытын сүрэхтээтилэр.

edersaas.ru

Оскуола оҕолоро естественнэй наукаҕа үөрэх бырагырааматын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр, итиэннэ тулалыыр айылҕаны көмүскүүргэ эдэр чинчийээччилэр научнай бырайыактарын билиһиннэрдилэр. «АЛРОСА» хампаанньа кинилэргэ күрэх түмүгүнэн сыаналаах уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

Сир баайын туһаҕа таһаарар хампаанньа айылҕаны харыстыырга улахан болҕомтотун уурар. Ол иһин күөх пионердары өйөөн, кинилэр үлэлэрин биһириирин биллэрэр.

«Былаас уорганнарын, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай түмсүүлэрин кытта социальнай-экологическай бырайыактары олоххо киллэрэргэ «АЛРОСА» өрүү кыттыһар. Үһүс экологическай слет түмүгүн таһаарарга хампаанньа аатыттан Саха сирин төрүт олохтоохторун Арктика күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Оҕо саастарыттан төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ, хотугу эргимтэ уйан айылҕатын харыстыырга туруммут оҕолорго, эдэр исписэлиистэргэ махталбытын биллэрэбит. Өрөспүүбүлүкэ олох­тоохторо төрүт дьарыктарыттан тэйбэттэрин туһугар үлэ барар.

Баҕар, ким эрэ инникитин эколог идэтин талан бырамыысыланнас хампаанньаларыгар тулалыыр эйгэни харыстыыр үлэни сүрүннээччи буолуо. Саҕалаабыт үтүө дьыалаҕыт ситиһиилээх, кыайыылаах буоллун», — диэн «АЛРОСА» экологическай киинин отделын начаалынньыга Константин Соловьев эҕэрдэтин эттэ.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев социальнай-экологическай тэрээһини өйүүр дьоҥҥо махтанарын этэн туран, үүнэр көлүөнэҕэ эрэлин биллэрдэ: «Бэс Чагдаҕа» аан бастаан 300 оҕону күөх пионердар кэк­кэлэригэр ылбыттара, онтон кинилэр ахсааннара элбээн, билигин номнуо 2500 буоллулар. Оҕолор төрөөбүт нэһилиэктэригэр төнүннэхтэринэ төрөөбүт айылҕаларын харыстыыр үтүө хамсааһыннарын тиһилигин инники өттүгэр салгыахтара диэн эрэнэбит».

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0