25 улууска буруйу оҥоруу аҕыйаата

Ааптар: 
24.07.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл бастакы аҥарыгар буруйу оҥоруу туруга хайдаҕый? 

edersaas.ru


Ааспыт сыл 6 ыйын кытта тэҥнээтэххэ, буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ 6,1%-нан аччаабыт. Буруйу арыйыы 68,1% эбит буоллаҕына, ыар уонна ураты ыар буруйдары арыйыы — 95,7%.

25 улууска буруйу оҥоруу аччааһына бэлиэтэнэр, ол — Үөһээ Халымаҕа (68%-нан), Эбээн-Бытантайга, Сунтаарга, Орто Халымаҕа, Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, Аллараа Халымаҕа, Томпоҕо, Хаҥаласка, Дьааҥыга, Ленскэйгэ, Удачнай куоракка.

Оттон 9 улууска — Аллайыахаҕа, Өлөөҥҥө, Анаабырга, Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ уонна Мииринэй куоракка — буруйу оҥоруу элбээбит.

Уруккуттан да биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар буруй баһыйар ахсаана эбэтэр аҥаара киин куоракка тахсар.

Маныаха көрүҥнэринэн ыллахха, уоруу аҕыйыы быһыытыйбыт эрээри, хас үһүс буруй — уоруу. Хас иккис буруйу урут сууттана сылдьыбыт, итирик туруктаах уонна ханна да үлэлээбэт дьон оҥорор.

Хас үһүс буруй уопсастыбаннай сиргэ оҥоһуллубут. Хас онус буруйу дьахталлар, хас 28 буруйу сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор оҥороллор.

Омук гражданнара буруйу оҥоруулара — 2,2%.

Суол быһылааныгар 21 киһи тыына быстыбыт, ол иһигэр, икки оҕо (былырыын бу кэмҥэ 22 киһи этэ).

Оҕолорго туһуланан, 273 буруй оҥоһуллубут, (былырыын 6 ыйга 459 этэ).

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0