25 ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 20 күнүнээҕи туругунан Саха сирин үрдүнэн 25 ойуур баһаара, 15927, 00 га сиргэ бэлиэтэнэр.

Ону таһынан икки ойуур баһаара атын категориялаах сирдэргэ уопсайа 9616 га сиргэ бара билиннэ. Күүстээхтик умайа сытар сир иэнэ 23,83 га буолла.
Билиҥҥи туругунан 15 ойуур баһаарыгар 6726 га сиргэ (Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Хаҥаласка, Сунтаарга, Томпоҕо. Ньурбаҕа уонна Горнай оройуонугар) мантан Ленскэй уонна Горнай оройуонугар икки баһаар бохсулунна. Баһаары умулларыыга 597 киһи, олортон 450 «Авиалесоохрана» үлэһиттэрэ, 137 Лесохрана уонна уон киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн үлэлиир. Уопсайа биэс тиэхиньикэ туһаныллар.
Бүтэһик сууккаҕа тыа пуондатын сиригэр-уотугар 2033 га иэннээх сиргэ алта ойуур баһаара тохтотулунна. Ону таһынан атын категориялаах сиргэ икки баһаар тохтотуллан 9616,0 га сир умуруорулунна.

Ульяна ЗАХАРОВА.

Хаартыска: bbc.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0