Өрөспүүбүүкэ улуустарыгар аҕам саастаахтар күннэрин хайдах бэлиэтээтилэр?
1991 сылтан алтынньы бастакы күнүгэр аҕам саастаах дьон күнүн аан дойдуга бэлиэтииллэр. Ол курдук Арассыыйаҕа 1992 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт президиумугар «Аҕам саастаах дьон кыһалҕата» диэн уурааҕынан бу күн бэлиэтэнэр буолбута. Бу күн аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах араас бэстибээллэр, тэрээһиннэр ыытыллаллар. Коронавирус дьаҥа туруоҕуттан араас тэрээһиннэр социальнай ситим нөҥүө онлайн ыытыллар буолбуттара. Өрөспүүбүүкэ улуустарыгар бу күнү хайдах бэлиэтээтилэр?
Бүлүүгэ бородууктанан бэлэхтээтилэр.
Бүлүү улууһугар аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах сыалай дэкээдэ анаммыт. Бу туһунан Бүлүү улууһун ыччатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Бүлүүтээҕи 2№-дээх оскуола английскай тылын учуутала Иван Митясов кэпсээтэ:
— Биһиги, Бүлүү улууһун ыччатын Сэбиэтэ, бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн улууспут аҕам саастаах дьонугар бородууктанан көмө оҥордубут. Аҕам саастаах дьоммутугар тэрийбит аахсыйабытыгар Күннэй, Тимур Буслаевтар дьиэ кэргэттэрэ «Байдам” хампаанньаларын аатыттан уопсайа уон куул хортуоппуйунан, Ил Түмэн дьокутаата Александр Гоголев харчынан, ону таһынан “Сыа Бүлүү” тхпк салайааччыта Алексей Кондратьев, чааһынай тэрилтэлээх Евгений Быканов, Гаврил Евсеев бары күүс-көмө буолан успуонсардаан, биһиги аҕам саастаах дьоммутун дьиэлэринэн кэрийэн бородуукталаах бэлэхпитин туттардыбыт. А5ам саастаах дьоммутугар аналлаах маннык аахсыйалар хас нэһилиэк ахсын элбиирэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Мүрүгэ «Тимуровскай” көмө оҥоһулунна
Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэр бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ ньиргиччи үлэлиир. Бэрэссэдээтэл Мария Михайловна Петухова бу дэкээдэ үлэтин кэпсээтэ:
— Мин бу сыл кулун тутар ыйыгар Мүрү нэһилиэгин бэтэрээнин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Мин иннибинэ олус уһуннук, бэрт таһаарыылаахтык биллэр спортсменка И.К.Басыгысова үлэлээбитэ. Кини солбуйааччытнан күн бүгүнүгэр диэри Е.И.Неустроева бэрт ситиһиилээхтик, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир. Биһиги нэһилиэкпитигэр уопсайа 15 түөлбэ баар. Хас түөлбэ ахсын бэтэрээннэри кытта үлэлиир көхтөөх дьон баар. Ону тэҥэ түөлбэ салайааччылара бэтэрээннэригэр улахан болҕомтону уураллар. Сыл ахсын биһиги нэһилиэкпитигэр аҕам саастаах дьоҥҥо ыччат оҕолорбут тимуровскай көмөнү оҥорон үөрдэллэр. Ол курдук мас хайытыы, сааһын булууска муус угуу, саһаан үлэтэ, олбуор хаарын ыраастааһын. Маны сэргэ нэһилиэкпитигэр баар 26 бэтэрээҥҥэ олохтоох дьаһалтабыт биирдии куул хаппыыста бэлэх уунна. Социальнай харалта управлениета түөрт ытык бэтэрээҥҥэ улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга босхо сурутуу оҥордо.
Төһө да пандемия буолан улахан аһаҕас тэрээһиннэр ыытыллыбаталлар, нэһилиэкпитигэр бэрт көхтөөхтүк олоробут. Ол курдук А.Г. Мигалкина салайааччылаах «Күндүүнэ” үҥкүү бөлөҕө, Д.Н.Бурнашев салайааччылаах үһүс саас оскуолата, И.К.Басыгысова салайар скандинавскай хаамыы үгүс дьону түмэн бэрт былааннаахтык үлэлииллэр. Бары социальнай ситим нөҥүө билсэ-көрсө олоробут. Биһиги, аҕам састаах дьон ыччаппытыгар холобур буолуохтаахпыт. Ол иһин олоххо көхпүтүн сүтэрбэппит.
Орто Халыма Ойуһардааҕар «Муударай саас» куонкуруһа буолла
Ойуһардаах нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Галина Егоровна Шкулева:
— Биһиги нэһилиэкпитигэр 137 а5ам саастаах киһи олорор. Оортон икки тыыл бэтэрээнэ, 17 — сэрии сылын о5олоро уонна бэтэрээннэр 57-бит. Мин бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн 2017 сылтан үлэлиибин. Мин иннибинэ Е.В.Бандерова уонна А.И.Бандерова уһуннук, айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Биһиги бэтэрээн Сэбиэтин түмсүүтэ сыл ахсын үлэбит хайысхатын былааннаан, бу пандемия иннинэ бэрт көхтөөхтүк үлэлии олорбуппут. Нэһилиэкпитигэр аҕам саастаахтар хас да түмсүүлэрэ баар, ол курдук иистэнньэҥнэр. Оҕуруотчуттар, ретро үҥкүү бөлөҕө, Сиэн Күөл далбар хотуттарын ансаамыллара, успуорка хас да хамаанда баар. 2018 cыллааха Орто Халыма куоратын 375 с үбүлүөйүгэр анаан иистэнньэҥнэрбит түмсүүтүн кэрэ аҥаардара Орто Халыма уонна нэһилиэкпит Сиэн Күөл (Ойуһардаах) гиэрбэтин тигэн бөһүөлэкпит дэлэгээссийэтин холуонната аһыллыытыгар инники тутан киирбитэ. Сиэн Күөл ансаамбылын диискэтин таһааттарбыппыт. Бу диискэни таһаарыы ити сыллааҕы үлэбит сүрүн ситиһиитэ буолар. 2017 с Өктөөп 100 сылыгар анаан аан бастакыбытын флеш-моб оҥорбуппут. Манна 120 киһи кыттыыны ылбыта. Оскуола оҕолоро, ыччат уонна аҕам саастаахтар. Хаарга 100 сыыппараны оҥорбуппут. Онтубут инстаграмҥа 13 тыһыынча лайк ылбыт этэ.маны сэргэ, дьиэттэн сатаан кулуупка кэлбэт кырдьаҕастарбытыгар анаан «Былаат –мааны киэргэл” куонкурус тэрийбиппит. Аҕам саастаахтарбыт ыытар куонкурустарбытыгар көхтөөхтүк кытталлара наһаа үөрдэр.
2019 сыллаахха – Санк Петербург куораттан быраастар биригээдэлэ кэлэн о5олорбут доруобуйаларын, уопсай туруктарын көрөн барбыттара. Кинилэргэ анаан хабылык, хаамыска маастар-кылааһын тэрийэн ыыппыппыт. Маны таһынан «Күн төгүрүк алаадьыта” диэн ааттаах куонкурус- дьаарбаҥка тэрийэн, онно киирбит үбү ыараханнык ыалдьыбыт Дьокуускайга эмтэнэр биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорбуппут. Ити сыл географическэй дьыктааҥҥа биһиги нэһилиэктэн аҕыс аҕам саастаах киһи кыттыбыта.
2020 сыллаахха Кыайыы күнүгэр кэллэксэниэрдэр быыстапкаларын тэрийбиппит. Бэтэрээннэрбитигэр бэйэбит тикпит сыттыктарбытын бэлэх ууммуппут, сэрии тиэмэтигэр хоһоон ааҕыы куонкуруһун тэрийбиппит. Быйыл пандемиянан тэрээһин буолбата. Ол эрээри ыаллыы сытар нэһилиэк тэрийбит хоһоон куонкуруһугар кытынныбыт. Бандерова Е.М үһүс таһымнаах добун сурукка тиксибитэ. Ону таһынан мин бэйэм быйыл Далбар Хотун өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттан “Иэйии хотун” аакка тиксибитим. Маны таһынан, хас сылын ахсын Кыайыы күнүгэр уонна аҕам саастаах дьон күнүгэр олохтоох дьаһалта бородууктанан, эбэтэр өйдөбүнньүк бэлэх оҥорооччулар. Дьаҥ арыый намтаатаҕына аҕам саастаахтары эҕэрдэлээһин буолуохтаах. Оскуолабыт оҕолоро дьиэҕэ олорон үөрэммиттэрэ үһүс нэдиэлэтэ. Ол иһин кулуупка да дьиэлэринэн да сылдьыһан эҕэрдэлэһии тохтоото.
Арай социальнай ситим нөҥүө
“Муударай саас – кэрэ түгэнэ” диэн хаартыска күрэҕин тэрийбиппит. Уопсайа 13 киһи кытынна. Бэтэрээн Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыахпыттан сыл ахсын «Сыыппара дьикти түгэнин үйэтитии” хаартыскаҕа түһүү үгэһин олохтообутум. 2017 сыл сэттис ыйын сэттис чыыһылатыгар айылҕаҕа тахсан хаартыскаҕа түспүппүт, итинник сыл ахсын түһэр үгэстээхпит. Быйыл 2021 ахсынньы 21 хаартыскаҕа түһүөхтээхпит. Нэһилиэкпитигэр аҕам саастаахтар аһары көхтөөхтөр. Киин улуустарга туох буолбутун, ханнык тэрээһин ыытыллыбытын барытын күөх экран нөҥүө көрө олоробут. Олохтон хаалсымаары, үтүөнү үйэтитэн, ыччаппытыгар холобур буолаары айа-тута үлэлиибит.
Ульяна ЗАХАРОВА.