225 тыһыынча туонна от кэбиһилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөх быйаҥ күрэҕэр 30 610 киһилээх 9 145 звено, 11 454 араас мааркалаах тыраахтар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Бу 9145 звеноттан толору мэхэньисээссийэлээҕэ 2032, ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээҕэ 4874, ат көлө күүһүнэн оттооччута 164, илии хотуурунан сэбилэммитэ – 1942.

Бу күннээҕи чахчынан, 259 944 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсулунна, 225 499 туонна от кэбиһилиннэ. Ити сыллааҕы былаан 49 %-а.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0